Page 189 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 189

Үүнэр  даҕаны  дьылларга
                  Үрүҥ  биэбит  кымыһа
                  Үрдүк  Арассыыйа  үрдүнэн
                  Үскэминэн  сураҕырдын!
                  Аҕам  ынахпыт  арыыта
                  Аҕа  дойду  үрдүнэн
                  Араҕаһынан  аатырдын!
                  Ааттаах  улуу  түһүлгэлэргэ
                  Арыылаах  кытах  билгиһийдин!
                  Дьоллоох  үтүө  туоналарга
                  Чороонноох  кымыс долгуһуйдун
                  Уруй, уруй уруйдаан
                  Ойон-тэбэн  оонньуоҕуҥ!
                  Айхал,  айхал  айхаллаан
                  Аһыакайдаан  биэриэҕ>иҥ!
   184   185   186   187   188   189   190   191   192   193   194