Page 227 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 227

Күөллэри  оҥоруохха,
                 Үргүлдьү,  кэккэлии  хорон,
                 Үгүс  үрэхтэри  килэдитэн,
                 Үтүө  Крыммытын  өҥсүтүөххэ диэн,
                 Үтүмэн  сууманы  суруттарда.

                 Ыл,  холбос  итиннэ,
                 Ыйааһыннаах  бу  мин  солкуобайым,
                 Күүстэ,  уохта,  тэтимнэ
                 Күүрдүс  онно,  бу  күндү  солкуобайым
                 Ким—
                 Биһиги  бу  кэрэ  Крыммытыгар
                 Виноград  өссө  өлгөмнүк  үүнэн,
                 Хойуу  үрдүк  лабааны
                 Куоҕаччы  баттаатын  диэн,
                 Ким —
                 Аатырар  хара  муорабыт  арыыта—
                 Аҕа  дойдубут
                 Тумуллаан  киирэн  турар,
                 Дуулаҕа  биир  куйаҕа  буоллун  диэн,
                 Тыл  этэ-этэ
                 Тыыһынчанан  суруттарда,
                 Эбии  өссө  биэрээри
                 Ис  сиэбин  хаһынна.
                 Аҕалыҥ  миэхэ  тылла,—
                 Араатардыы  түһүөхпүн,
                 Саҥа  санаа  кэллэ,
                 Саманна  ону  этиэхпин.

                 Оҕом  кэлэрбэр  миэхэ
                 Оонньуурда  аҕалаар  диэбитэ,
                 Кэргэним  биирдэ,  киэһэ,
                 Кичэйэн  эмиэ  ону  эпг.итэ.
                 Кэрэтиэн  көрүөххэ,
                 Кинилэр  үөрэллэрин,
                 Күндүтүөн  саныахха,
                 Көҕүһэн  оҕолор  үөрэнэллэрин.

                 Оҕо-ыччат  туһугар
                 Ойуулаах  кинигэ  буоллун  диэн,
                 Бар  дьонум  иннигэр
                 Фабрика,  завод  буоллун  диэн,
                                 221
   222   223   224   225   226   227   228   229   230   231   232