Page 228 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 228

Эбии  сурутабын,  көрдөөн,
                  Икки  сиэптэн  ирдээн,
                  Бу  биэс  уоннуулааҕы,
                  Бу  биирдии  меһөөктөөҕү.

                  Англия,  Америка  дойдутугар
                 Алдьархай  ааҥнаан,  бар  дьон  тууйулунна
                  Көҥүл  санаа  күлүүстэннэ,
                  Күн  уота  күлүктэннэ.
                  Ону  утары  ох  тылым
                 Уоттаах  чаҕылҕан  буоллун  диэн,
                  Кэрэҕэ,  дьолго,  эйэҕэ  ынырыым
                  Кинигэнэн,  хаһыатынан  тиийдин  диэн,.
                  Эбии  сурутабын,  көрдөһөн,
                  Ис  сүрэхтэн  баҕаран!
                 Мин  бу  солкуобайым  дьулустун,
                  Миллиардар  истэригэр  турустун!
                  Кинини  мин  умналаан  булбатаҕым,
                  Киһини  албыннаан  ылбатаҕым,
                 Үтүө  сыралаах  көлөһүммэр,
                 Үөрдэн,  киирбитэ  илиибэр.

                  Гербэлээх  бу  кумааҕы  солкуобайга
                  Киһи  аймах  көнө  көлөһүнэ  иҥмитэ,
                  Киниэхэ,  советскай  харчыга,
                  Килбиэннээх  санаа  сыдьаайа  тыкпыта,

                  Миллиардарга  кини  холбоһон,
                  Мөлүйүенүнэн  кэрэни  оҥорбута,
                  Советскай  Ийэ  дойдуну  киэргэтэн,
                  Сибэкки өҥүнэн чэлгиппитэ.
                  Мин  бу  солкуобайым
                 Миллиардар  күүстэригэр  холбостун!
                  Советскай  Ийэ  дойдум
                  Заводун,  куоратын  тутустун!
                  Буомнары,  мэһэйдэри,
                  Бомбатааҕар  күүстээхтик  бурайдын!
                  Үтүөнү,  кэрэни,  дьолу,  эйэни,
                  Үрүҥ  күннээҕэр  күүстээхтик  үүннэрдин!
                                                   1950  с.  Крым..
   223   224   225   226   227   228   229   230   231   232   233