Page 231 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 231
Уйгу күөх коммунизмҥа
Угуйа-ыҥыра турар.
Ким ону көрбөт —
Кэхтэр, төннөр, мунар,
Ким сытыытык ону көрөр —
Килбиэннээх суолу булар.
Биһиги суолбут ыраас, —
^тиэхтэн кэрэ,
Биир сырдык туруору дабаан, —
Эйэ, сайдыы суола.
Кыра оҕолордуун,
Кырдьаҕас дьоннордуун
Ол диэки бары хайыһаллар,
Улахан хардыынан бараллар.
Ыйа турар ону —
Ильич сырдык илиитэ,
Угуйан иһэр дьону —
Улуу Россия ситиитэ.
Коммунист партия знамята,
Комсомол эрдээх хардыыта —
Холбуур, түмэр норуоту,
Хорсун эдэр ыччаты.
Кэҥээн
Килэдийэ-нэлэһийэ тур,
Биһиги улуу сырдык суолбут!
Киэркэйэн
Килбэйэ-сыдьаайа тур,
Биһиги уотгаах кыһыл сулуспут!
1950
15 Сергей В асильев

