Page 226 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 226

Туруору  хайа  тэллэҕин,
                     Тула,  эргиччи,  көрөбүн.
                     Үтүө  бэйэлээх  дьиэлэр
                    'Үлтүрүйэн  өрөһөлөнө  сыталлар,
                     Кэрэ  үрдүк  каштаннар
                     Кэриэрэ  хатан  тураллар.

                     Оҕонньоттор,  улахан  дьоннор
                     Ону  мустан  ыраастыыллар,
                     Аттар,  үгүс  маосыыналар
                     Антах  буору  таһаллар.
                     Биэрэк  арҕаа  кытыытын
                     Бетонунан  үрдэтэллэр,
                     Күн-Ленин  уулуссатын
                     Күөх  ойуурунан  киэргэтэллэр.

                     Ааспыт  сэрии  ол
                     Алдьархайын  көрөммүн,
                     Этээччи  араатар
                     Эгэлгэтин  истэммин,—
                     Саныыр  -сана&м,
                     Сааһа  араҥаланан,  дьэҥкэрэр,
                     Гугу  оҥоруоҕум
                     Туһаайан  сырдаан  кэлэр.
                     Бу  күндү  солкуобайым
                     Буомнары,  мэһэйдэри  бурайсыыһы,
                     Улуу  Аҕа  дойдум
                     Уорҕатын  чэлгитэ  киэргэтисииһи.  V

                     Кырдьаҕас  врач  туран,
                     Крым  арыытын  тула
                     Эвкалипт  маһы  үүннэрэн,
                     Эргиччи  ойуурунан  күөйэн,
                     Хаарыан  күөхпүтүн
                     Хара  хапсыыр  тыалтан
                     Ха-ххалыахха  диэн,
                     Хамнаһын  бүтүннүү  сурутта.

                     Оҕонньор  тыл  көрдеөн  ылан,
                     Ууну  хотоолго  тохтотуохха,
                     Күндэлэс  күөх  далай
                                     220
   221   222   223   224   225   226   227   228   229   230   231