Page 26 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 26
Күнүм уота итийэн,
Көрдөөх сайын чэлгийэн —
Сайылык, толоон иһигэр
Саҥа-иҥэ зймэннэ,
Ыаллаах алаас үрдүгэр
Ырыа-тойук дьиэрэйдэ.
Күөххэ-кыахха үктэнзн,
Көҥүл күҥҥэ көччүйэн,
Үлэ-хамнас быыһыгар
Үөрэ-көтө сылдьаммын,
Ымыы чыычаах буоламмын
Ыллыы-туойа турабын...
I
Өрө түллэр сэриигэ
Үлэһнт-бааһынай күүһүнэн
Баайы-тоту торутан,
Баттал сиһин тоһутан,
Коммунист Лрамаан обургу
Хотон-кыайан кэлбитэ...
Кыргыһыылаах кырдалтан
Кыайан-хотон. эргийбит
Хорсун-хоодуот партизан
Коммунист Арамаан обургу,
Совет суукка үлэлээн,
Сиэлэн-хааман барбыта.
Үлэһит-бааһынай дьүүлүнэн,
Үүнэр-үрдүүр көҕүнэн
Совет Арамаан обургу
Ситэр-хотор үлэтэ —
Большевик партия дьаһалын
Бастыҥ. суолунан. барбыта...
* * *
«Арыылаах эбэ» үрэҕин
Арамаан совет кэрийэн,
Киһи-киһи аайыга
Кэпсиир, этэр буолара:
«Дуобат курдук ыһыллан,
Туспа-туспа олорон,
20

