Page 27 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 27

Көдьүүс-туһа  кэлбэккэ,
                         Күүспүт-уохпут  тиийбэккэ  —
                         Кылгаан-дьадайан  испиппит,
                         Кыаммат-түгэммэт  буолбуппут
                         Муҥу-сору  көрөммүт,
                         Муҥур  уһугар  тиийэммит  :
                         Баайга-токко  кэлэммит, //
                         Баттал  илимэр  иҥнэммйт,
                         Иэскэ-күүскэ  киирэрбит,
                         Иҥнир  тараһа  буоларбыт...
                         Билигин  саҥа  юлоххо
                         Биһиги  артыал  тэринэн
                         Күүһү-уоҕу  холбуоҕуҥ,
                         Күүрэн-түллэн  туруоҕуҥ.
                         Оннук  артыал  буоллахха,
                         Олох  дьолун  буллахха,
                         Тэгил  бииргэ  үүнзммит
                         Тэҥнээх  ыаллар  буоламмыт,
                         Саҥа  суолу  аһыахпыт,
                         Сайдан  тыыллан  барыахпыт.
                         Ордук  суолу  булунан,
                         Олоҕу-дьаһаҕы  тутунан
                         Күүстээх  ыаллар  буэлуохпуту
                         Көнөн-байан  иһиэхпит,  —.
                         Үскэл  сүөһү  иитиэхпит,
                         Үүнүү  бэрдин  ылыахпыт,
                         Үөрэх  күүһүн  тутуохпут,
                         Үрдүк  дьолго  тиийиэхпит!»
                         Арамаан.  совет  барахсан
                         «Арыылаах  эбэ»  ыалларын
                         Ити  курдук  сүбэлээн,
                         Иилээн-саҕалаан  испитэ...
                         «Арыылаах  эбэ»  ыаллара  —
                         «Атах-бытах»  дьонноро
                         Аныгы  суолга  кэлэннэр,
                         Артыал  диэҥҥэ  киирэннэр,
                         Бары  бииргэ  үлэлээн,
                         Бастыҥ  дьолу  саҕалаан
                         Күүһүрэн-уоҕуран  испиттэр,
                         Көнөн-байан  барбыттар...
                                     21
   22   23   24   25   26   27   28   29   30   31   32