Page 359 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 359

«Үөрэхтээх  киһи»  диэн  дьон  барыта
                 Үҥэн-сүгүрүйэн  көрсөллөрүн...
                 Чуорааннаах  ахсым  аттарынан
                 Чуумпу  киэһэлэри  чугдаардан
                 Торуой  оҕонньорго  —  Кутай  баайга
                 Торҕо  бөтөреҥүнэн  кэлэрэ.
                 Арыгы  тутуурдаах  атыыһыт
                 Арыаллаан  киллэрэрэ,
                 Харчы  кыбыныылаах  хаппараал
                 Халты-мүлтү  тэбинэрэ.

                 Суол  ааныгар  сомогуолоһон  олорор
                 Суох-дьадаҥы  оҕонньоттор:
                 «Сурукеут  кэллэ»,  —  диэн.
                 Эргэ  арбаҕастарын  эҥэрин  тардыһан,
                 Имнэссэн  кээһэллэрэ.
                 Хаҥас  диэки  ханыылаһан  олорор
                 Хаты«  ийэ  дьахталлар:
                 «Тойон  кэллэ»,  —  диэн
                 Туран  дьалты  бараллара...

                 Өлбөөкү  даҕаны  бэйэтэ
                 Үөрэхтээхпин  эрэ  буолан,
                 Кырааскалаах  остуол  уһугар
                 Кынтаҥныыр  буолара,
                 Дьон.  иннигэр  киирэн
                 Дьоһумсуйа  сатыыра.
                 Лаһыгырас  үрүҥ  кумааҕы
                 Лаахтаах  килэҥ  иэнигэр
                 Кыталык  «куорсуна»
                 Кычыгырыы  сүүрэрэ.
                 Синньигэс  хараидаас
                 Сибигинэйэр  буолара.
                 Өлөксөй  өйдүүр  итилэри,
                 Үксү,  иннигэр  кэлэри:
                 «Үөрэннэхпинэ  мин  даҕаны
                 «Үчүгэй  киһи»,  —  дэтэн,
                 Баҕар,  суруксут  буолан,
                 Баһык  уһукка  олоруом;
                 Баҕар,  сэбиэт  буолан,
                 Бар-дьоҥҥо  туһалыам...»
                 Ити  курдук  Өлөксөй  өйүгэр
                 Эҥин  араас  санаалар
       23  Сергей  Васильев      Й53
   354   355   356   357   358   359   360   361   362   363   364