Page 362 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 362

Үөрбүт  үрүҥ  санааны
                   Өргөһүнэн  дьөлө  кынчарыйда..,
                    «Хаһына  иитэн  баран,
                   Хаһан  эһиэхэ  төннөрүөй?
                    Туох  иэскит  иннигэр
                   Дуол  босхо  үөрэттэриэй?
                    Оҕоҕут  сыыһын
                    Уоттаах  сэриигэ  ыыттаххыт.
                    Маа  бэйэлээх  чыычааххытын
                    Малытарга  тиийдэххит!
                    Кырдьар,  хаалар  күҥҥүтүгэр
                    Кимҥит  кэлэн,
                    Кэтэх  тирээбилэ  буолуой,
                    Сүүрэн-көтөн
                    Сүүс  өйөбүлэ  буолуой?

                    Кыайан  ииппэт  буоллаххытына,
                    Ити  кэриэтэ  миэхэ
                    Иитэргэ  биэрбиккит  буоллар,
                    Ынах  хамыһан,  дьиэ  көрсөн,
                    Айаҕын  ииттиэх  этэ,
                    Сайын  дьоҥҥо  доҕор  буолан,
                    Санныгар  таҥныах  этэ...
                    Киһи  көлөһүнүн
                    Кэлимник  төлөөччүбүн,
                    Дьон  үтүөтүн
                    Дьоһуннааҕынан  хардарааччыбьш.
                    Сөптөөҕүнэн  өйөһен,
                    Сөмүйэнэн  чомполоһо  сытыах  этибит.
                    Суоҕунан-баарынан  үллэстэн,
                    Соролоһо  олоруох  этибит...»  —
                    Сыалаах  тылын.  минньитэн,
                    Сыһыаран  эргитэн  эттэ.
                    Элбэҕи  эгэлгэлээн,
                    Эргэ  илимин  үттэ.

                    Унаар  иһигэр  абатыйа  сачаата,
                    Уоҕар  ытын  улаханнык  охсоч,
                    Оһох  кэннигэр  кыйдаата...
                    «Сүөдэр  атыыһыт,  эдэр  эрдэҕннэ,
                    Сүрдээх  «аламарай»  киһи  этэ...
                    Кэнники  кимин.  биллэрбигэ,
                    Киэҥник,  улаханнык  эргиммитэ.
                                    366
   357   358   359   360   361   362   363   364   365   366   367