Page 363 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 363

Кэпсэппит  зрэ  ыалын
                   Кэһээн  сиир  ааттаммыта,
                   Таһыттан  барсы  киллэрэргэ
                   Тардыахтаах  тарбахтаммыта.
                   Үйэтин  тухары  кини,  —
                    «Үп-харчы»  дии-дии,
                    Үөл  мастан  лабаххай  сүүппүтэ,
                    Өлбүт  киһини  эргитэ  тарпыта...»  —
                    Ити  курдук  диэн,
                    ЭмЭЭ р-С ЭМ ЭЭ р  К'ИСТЭЭН,
                    Үгүс  киһи  кэпсэтэрин
                    Өйдүү  түстэ  Унаар...

                    Ол  атыыһыт  бү  кэлэн,
                    Көлдьүн  өйүнэн  эргитэн,
                    Күөгү  быраҕа  олорор.
                    Ити,  дьэ,  кыһыылаах  суол,
                    Этиһиэххэ  Унаарга  кыах  суох.

                    Дьиэлээх  тойон
                    Дьзбин  уоһүйда,
                    Чонос  гынан
                    Чолбоодуччу  көрдө.
                    Уһуктаах  биилкэни
                    Остуолга  тыастаахтык  уурда,
                    Чааскылаах  чэйи
                    Дьалкыһыччы  аста...

                    «Дьахтар  санаата
                    Чанчыгын  аһынааҕар  кылгас  дииллэрэ
                    Чахчы  буолар  эбит...
                    Хайдах  буолан,
                    Хаарыан  оҕоҕун
                    Хаһынаҕа  биэрдиҥ?..»  —
                    Ийэлэрин  сэмэлээн,
                    Илдьи  мөҕө  олордо.

                    Дьиэ  кэргэттэрэ  бары
                     Дьэри-курус  буоллулар,
                    Сэһэннэр,  саҥалар  аны
                    Сибиньиэс  курдук  ыараатылар...
                    Өлөксөй  эрэйдээх  оскуолаҕа
                    Үөрэнэ  барара  уурайда,
                                    В57
   358   359   360   361   362   363   364   365   366   367   368