Page 64 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 64

Ч Э Й И Ҥ ,    Б А Р Ы А Ҕ Ы Ҥ !
                        Кыраай  халлаан  кырыыта
                        Кыыһан,  сырдаан  кылбайда,
                        Көмүс  күнү]М  чаҕыла
                        Көрө  тыган  таҕыста.

                        Чэйиҥ эрэ, тураммыт
                        Аты-оҕуһу  сайдыаҕыҥ!
                        Хонуу  диэки  сырсаммыт,
                        Үлэлии-хамсыы  барыаҕыҥ!
                        Онно,  сыһыы  толооҥҥо
                        Бурдук  буһан  саһарда,
                        До лгун  курдук  унааран
                        Оргууй  аҕай  тыалырда.

                        Чэйиҥ эрэ,  тахсаммыт
                        Аты-оҕуһу  сайдыаҕыҥ!
                        Хонуу  диэки  сырсаммыт,
                        Ону  быстара  барыаҕыҥ!
                        Бурдук быһар  массыына
                        Тыаһаан-ууһаан  кэрбээтэ,
                        Икки  көлө  чулуута
                        Тэбис-тэҥҥэ  үктээтэ.

                        Чэйиҥ  эрэ.  тахсаммыт
                        Ону  ситэн  сайдыаҕыҥ!
                        'Гүрдүр-түрдүр  быһаммыт
                        'Гүүтэх  түһэрэн  барыаҕыҥ!
                        Кыырай  халлаан  кырыыта
                        Кыыһан,  сырдаан  кылбайда,
                                    58
   59   60   61   62   63   64   65   66   67   68   69