Page 67 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 67

М Э Э Ч И К    К Ү Ө Р Э Ҥ Н Э Э
                      Кэдэгэр  уҥуохтаах,
                      Кэрэ-чуор  куолаетаах
                      Кэҕэ  кыыл  саҥарда,
                      Киэҥ  тайҕа  айманна...
                      Сибэкки  ойуулаах,
                      Силээн  тыа  юйуурдаах
                      Киэргэллээх  пааркаҕа,
                      Киэһээҥи  салгыҥҥа
                      Дьон  мустан  бардылар,
                      Чуоҕуһан  турдулар,
                      Команда  буоллулар,
                      Мээчиктээн  дайдылар...
                      Ойоору тэкэйбит,
                      Сүүрээри чэрэйбит,
                      Мөтөйбүт  быһыылаах,
                      Кииллийбит  быччыҥнаах,
                      Күөх  солко  хаймыылаах,
                      Сулустаах  ойуулаах
                      Паарынай  маайкалаах,—
                      Уолаттар  ойоллор,
                      Мээчиги  охооллор...
                      Тоһуйа  ууналлар,
                      Утары  ылаллар...
                      Ыстанан тахсаллар,
                      Үөһэттэн  саайаллар...

                      Тиҥ-тиҥ  тиҥиргээн,
                      Тип-тип  тибиргээн
                      Мээчикпит  .тэйиэлиир,
                      Өрүтэ  күөрэҥниир...
                                  61
   62   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72