Page 69 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 69
М И Н Х А Й А М
Мин хайам
Кэтэҕэр ойуурдаах,
Бэс, хатыҥ мастардаах.
Мин хайам
Күөх баата муохтардаах,
Көп кырыс ардайдаах.
Мин хайам
Курустаал өҥнөрдөөх
Килбэҥниир киэргэллээх.
Мин хайам
Саһархай дьүһүннээх
Сымара таастардаах.
М ин хайам
Үлүскэн сүүрүктээх
Өлүөнэ өрүстээх.
Мин хайам
Уутугар: хатыыстаах,
Мае турар балыктаах.
Мин хайам
Бэрт элбэх бэнсииннээх
Дип-дириҥ ньиэптэрдээх.
Мин хайам
Дьапталҕа ардайдаах
Хара таас көмөрдөөх.
63

