Page 72 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 72
ААТТААХ ТИГЭЭИЭБИС
СЭМЭН СИИДЭРЭБИС
Мөлүйүөн суол үктүүр,
Мөлүйүөн күөт күөттүүр'...
Сир кырса тиэриллэр,
Хатыстыы эриллэр...
Бааһына долгуйар,
Саһара чэлгийэр...
Сүөһүлэр
Үөрдүүллэр...
Түннүктэр
Сырдыыллар...
Мотуордар
Тыаһыыллар...
Ыччаттар
Ыллыыллар...
Ол хардыы
Иһигэр:
Бу Сэмэн
Тэпсэҥниир...
Дьон-норуот
Быыһыгар
Сирэйэ
Элэҥниир...
Кыргыылаах, кукээрийбит
К ы п - к ы б ы аотт а ат а хт а а х,
Кыараҕас, симиктээбит
Кыбытыы харахтаах,
Сиидэрбит оҕотун —
Сэмэни көрүөҕүҥ!
66

