Page 73 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 73
Сэмэммит
Секретарь,.
Совекка
Секретарь...
Мунньахха
Секретарь...
Биэчэргэ
Секретарь...
«Бэрт» дэнэр
Секретарь,
Дьиҥ-дьиҥэр
Таах сэлээр,
Саҥата
Уу-дьалаар,
Майгыта
Бэрт хадаар.
Булуугу дьүккүйбүт
Оҕуспут муоһугар, —
Сахсырҕа дьаат түспүт,
Бу курдук саҥарар:
«Үлэлээн эрэбит,
Сир тиэрэн иһэбит».
Саҥата
Сааҕыныыр,
Сахсырҕа
Дыыгыныыр,
Эргийэ
Көтүөлүүр,
Өрүтэ.
Күөрэҥниир...
Хараҕа
Күөх таастаах,
Кыната
«Дыҥ» тыастаах,
Бэйэтэ
«Бэрт» чаптаах,
Атаҕа
Мээр кирдээх.
Ол курдук Сэмэммит
Бэлэмҥэ хайҕанар,
Бэйэтэ «сэрэммит»,
5* 67

