Page 70 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 70

.Мин  хайам
                        Аҕыс  хос  кырыылаах
                        Сомоҕо  көмүстээх.

                       _Мин  хайам
                        Килэккий  бэйэлээх
                        Мыраамар  таастардаах.

                       - Мин  хайам
                        Тулааһын  мастардаах
                        Бэрт  үгүс  шахталаах.
                        Мин  хайам
                       . Долгуйар  хочолоох
                        Томтойор  быардардаах.

                       Мин  хайам
                       Уот  кыһыл  былаахтаах
                       Этээстээх  дьиэлэрдээх.

                       Мин  хайам
                       Суон  хара  турбалаах
                        Чугууннай  собуоттаах.
                       .Мин  хайам
                        Илиитэ  тиэриилээх
                        Үлэһит ыччаттаах.

                        Мин  хайам
                        Эрилкэй  харахтаах
                        Эдэркээн  кыыстардаах.

                        Мин  хайам
                        Будьурхай  баттахтаах
                        Бухатыыр  дьоннордоох.

                        Мин  хайам
                        Эйэҕэс  майгылаах
                        Эриэккэс  норуоттаах.

                        Мин  хайам
                        Күндүкэй  тойуктаах
                        Күөрэгэй  чыычаахтаах.
                                    64
   65   66   67   68   69   70   71   72   73   74   75