Page 74 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 74
Оҥоруон куттанар,
Тылынан дэбдэммит,
Бэлэһин тоҥсунар.
Кыайыыны
Эттэххэ
Киһиргээн
Муҥнанар,
Малааһын
Ыҥыран
Арыгы
Туруэрар...
Түөрт төрдүн
Эргитэн
Үүммүтүн
Кэпсэиэр...
Өттүгүн
Баттанан
Үҥкүүлээн
Кэдэйэр...
Алҕаһы арыйан
Киниэхэ ыйдахха.
Күүс-көмө оҥорон
Көҕүлээн биэрдэххэ:
«Алҕаһы булбаттар,
Мин курдук көрбөттөр...»
Диир кини
Идэлээх,
Хобулуур
Үгэстээх...
«Маладьыас»
Ааттанан
Махтатыан
Баҕаран,
«Билиилээх» —
Дэтитэн
Суратыан
Суудайан,
Сүүрүүнэн
Куочайдыыр,
Зтиһэн
Дунайдыыр...
Ь8

