Page 84 - Сергей Васильев-Борогонскай. Поэт уонна гражданин
P. 84

Л.Е.Манчурина

           С.С.ВАСИЛЬЕВ—БОРОҔОНСКАЙ АЙЫМНЬЫЛАРЫГАР
           ИСТИЛИСТИИЧЕСКЭИ НЬЫМАНЫ ТУТТАР УРАТЫТА
                       (Аҕа дойду сэриитин туһунан хоһоонноро)

               Сергей Степанович Васильев—Бороҕонскай саха литера-
          туратыгар фронтовик-поэт диэн  киэҥник биллэр. Литерату-
          раны ырытааччылар кини «айар үлэтэ сыл-хонук ааһан истэ-
          ҕин аайы суолтата үрдээн иһэр» диэн бэлиэтииллэр.  З.К.Ба-
           шарина этэринии, «мээнэҕэ даҕаны “Мэҥэлэр хайа үрдүгэр”
          диэн кинигэтин аата күн бүгүҥҥэ диэри бэргэн этии буолан
          уостан түспэккэ сылдьыа дуо?».
               Сергей Васильев айымньыларыгар, ол иһигэр Аҕа дойду-
          тун сэриитин тиэмэтигэр суруйбут хоһоонноругар, фольклор
          уус-уран  хоһуйар  ньыматын  олус  сөбүлээн  хото  туһанара.
          Холобура, «Ийэ алгыһа», «Андаҕар», «Кылбаҥнаа эрэ, кылы-
          һым!», «Бырастыьшаһыы» хоһоонноругар норуот тылынан уус-
          уран  айымньытын  жанра  —  алгыс,  андаҕар  көстөр.  Оттон
           «Сэрии буолбут ойууругар» айымньытын маҥнайгы чааһыгар
          олоҥхо  бухагыырын  сирэ-дойдута  уус-ураннык  ойууланар
          матыыбынан  сэрии  буолуон  иннинээҕи  ойуур,  сыһыы,  то-
          лоон  хоһуллар.
                      Куөх кыырай халлаан
                      Кундээрэр  сыралын  анныгар
                      Араҕас мөкуөн  тумул
                      Арыллар арҕаһын  урдугэр
                      Арыы куөх ойуур
                     Аҥаарыйап  турбута...
                      Кшш  иннигэр
                      Киэк сыһыы  толооно
                      Килэмэннэнэн  сыппыта,
                      Кини кэтэҕэр
                      Кириэстээх хайа  арҕаһа
                      Кирбиилэнэн  турбута.
               Сергей  Васильев  олоҥхо  курдук  эпическэй  истииллээх
          айымньыларыгар синтаксическай параллелизмы, аллитерация-
          ны, тэҥнэбили, тыыннаҕымсытыыны ордук сөбүлээн туттар.

                      Илин  быраан иитэ,
                      Эрбии  тииһии  курдук,

                                         82
   79   80   81   82   83   84   85   86   87   88   89