Page 129 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 129
Таптал ыраахтан сылытар,
Тардар, ыҥырар, долгутар...
Хайы11арым, дьурулаа
Халыҥ хаары хайа тыыран,
Гымныы чысхаан, сырдырҕаа
Тыалынан-кууһунан сэтэрэн,
Үлүйбэпмин, утаппаппын,
Үөрэбин, сылайбаппын;
Сүуһунэн көстөөх сиртэн
Сурэҕим үөрэр киниттэн...»
Будулҕаннаах, кыһыҥҥы тымныы күҥҥэ
Вуччугунаас Уйбаан биир дүлүҥҥэ
Ииссибит туһаҕы бэрийэ олорон,
Ити курдук ыллаабытын истибитим,
Өрдөөҥү мин эдэрбин хоһуйан,
Үчүгэйдик да ыллыыр дии санаабытым...
Өйдүүбүн,
Өрүү өйдүүбүн,—
Косилкабынан кырылатан
Хойуу оту тэлэн сырылатаи
Колхоз хочотун туораатахпына,—
Туой өрө тыынарбын,
Тугу эрэ суохтуурбун...
Өйдүүбүн,
Өрүү өйдүүбүн
Көр-нар аһыллан,
Күүрүүлзэх музыка эйээрэн
Күүскэ уөрдэхпикэ,
Туой өрв тыынарбын,
Тугу эрэ суохтуурбун,..
Өйдүүбүн,
Өрүү өйдүүбүн,—
115

