Page 131 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 131

Халыҥ  тоҥ  хаһаны,
                     Хайаҕы-чохоону,
                     Алдаммыт  хатыыһын,
                     Ленабыт  чууччаҕын.

                     Көбүөрдээх  дьэдьэни,
                     Күһүҥҥү  суораты,
                     Тайахпыт  чаҥкытын,
                     Хоҥор  хаас  халатын!

                     Тардыахха:  күндүнү —
                     Толору  бакаалы,
                     Чороонноох  кымыһы,
                     Отонноох  тымныыны!
                     Доҕоттоор,  ыллыаҕыҥ
                     Тулалыы  олорон,
                     Дойдубут  уйгутун
                     Томточчу  толорон!
                     1939  с.

                    КЫРГЫТТАР,  УОЛАТТАР
                     Кыргыттар,  уолаттар,
                     Дьэ,  ыллаан  дьиэрэтиҥ!
                     Сайаьас  ырыанан
                     Сүрэҕи  эймэтиҥ!

                     Ырыанан  уһуктар
                     Биһиги  дойдубут,
                     Ырыанан  хардыылыыр
                     Биһиги  норуоппут.

                     Ырыанан,  ньирилиир
                     Эргэнэ  хара  тыа,
                     Ырыаны  иһиллиир
                     Киэҥ  байҕал  эҥэрэ.
                              117
   126   127   128   129   130   131   132   133   134   135   136