Page 134 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 134

ТОРҔО  КҮӨХ  ДОЙДУГА
                   Торҕо  күөх  дойдуга
                   Тулааһын  буоллун  диэн,
                    Киэҥ  Ийэ  дойдубут
                    Кэскилэ  буоллун  диэн —

                   Балысхан  баай  нефтээх
                   Бакуну  айыахпыт;
                   Туолбаттан  бензини
                   Турбанан  сүүрдүөхпүт.
                   Торҕо  күөх  дойдуга
                   Тулааһын  буоллун  диэн,
                   Киэҥ  Ийэ  дойдубут
                   Киэргэлэ  буоллун  диэн —

                   Алтаны,  алмааһы
                   Алларан  ылыахпыт,
                   Сомоҕо  көмүһү,
                   Ыас  курдук,  эллиэхпит!
                   Тор^о  күөх  дойдуга
                   Тулааһын  буоллун  диэн,
                   Советскай  норуоппут
                   Симэҕэ  буоллун  диэн —
                   Үс  күннээх  саһылы
                   Үоскэтэ  туруохпут,
                   Кылааннаах  кырсаны
                   Кыһанан  бултуохпут!
                   1939  с,

                 МОСКВА  ЧАҺЫТЫН  ТЫАҺЫНАН
              Москва  чаһыта  лыҥкыныы  тыаһаата:
              Сандаарар сарсыарда, күөх халлаан чаҕыла,
                            1?0
   129   130   131   132   133   134   135   136   137   138   139