Page 147 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 147

Муҥутуур  булчут  уол  дьулуура
         Муус  дойду  тыалыныын  сырыста.
         Эдэркээн  сүрэҕин  төлөнө
         Иэдэһин  хааныгар  умайда.
              Киэҥ  кыраай  хомурах  хочото
              Кэрэмэс  кэһиитин  уурдаҕа.
              Килбиэннээх  ийэ  сир  уорҕата
              Кинини  айхаллыы  турдаҕа.

         ЭРИЭККЭС  ДА  ДОЙДУЛААХ  ЭБИККИН

         Үлүскэннээх  сүүрүктээх
         Өлүөнэлиир  өрүстээх
         Суотту  курдук  хочо  баарын  билбэппин.
              Эн  оннук  кэрэ  хочолоох  буоллаххына,—
              Эриэккэс  да  дойдулаах  эбиккин!
         Көмүс-алтан  туораахтаах,
         Көнньүөс-торБо  мырааннаах
         Суотту  курдук  кытыл  баарын  билбэппин.
              Эн  оннук  кэрэ  кытыллаах  буоллаххына,—
              Эриэккэс  да  дойдулаах  эбиккин!
         Солко-нусхал  суугуннаах,
         Состуой-толоон  хонуулаах
         Суогту  курдук  сыһыы  баарын  билбэппин.
              Эн  оннук  сыһыылаах  буоллаххына,—
              Эриэккэс  да  дойдулаах  эбиккин!
         Ырыа-тойук  аргыстаах,
         Ыччат-билэ  дьоннордоох
         Суотту  курдук  колхоз  баарын  билбэппин.
              Эн  оннук  кэрэ  дьоннордоох  буоллаххына,'
              Эриэккэс  да  дойдулаах  эбиккин!

                   УЛУУ  ЛЕНИҤҤЭ
               Эн  айбыт  олоххор,
               Эн  айбыт  бу  дьолгор —
                          133
   142   143   144   145   146   147   148   149   150   151   152