Page 142 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 142
Дьолбут-үөрүүбүт килбиэнэ
Көстө-биллэ күлүмнээбитэ буолуо.
Улуу Москва олохтоохторо
Улаханнык үөрэ биһирээтилэр,
Уонунан омуктар ыалдьыттара
Ойон туран уруйдаатыдар.
Ытыктаһыы тыына
ыга кууста.
Көҕүлэһии чаҕыла
күлүмнүү тыкта.
Элбэх үөрүүлээх сүрэхтэн
Эһиэхэ итии эҕэрдэ кэллэ,
Сир килбиэннээх кииниттэн
Силистээх төрүттээх махтал бэрдэ!
Олоҥхолоон доллоһутуоҥ үһү,
Хоһуйан кудулутуоҥ үһү,
Хамыскын охсон
Хаҥкынатыаҥ үһү,
Хобоҕун тыаһатан
Хоҥкунатыаҥ үһү,
Алааскын күрүөлүөҥ үһү,
Алаадьыгын сырылатыаҥ үһү,
Тииҥҥинэн дэйбиирдэниэҥ үһү,
Саһылгынан сапсыныаҥ үһү,
Алмааскынан чаҕылыйыаҥ үһү,
Көмүскүнэн күлүмнүөҥ үһү!
Күөх халлааны күөнүнэн,
Көстөөх үрдүк сиринэн
Көтөр аал көлөлөнөн,
Күн үөрүүтэ көтөллөнөн
Ыраах улуу Москваттан
Ыллаан-туойан кэллибит,
Элбэх, үөрүүлээх сүрэхтэн
Эһиэхэ эҕэрдэ тиэртибит.
1957 с.
128

