Page 235 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 235
Санаабын-онообун ыллатан!
Мни бардым —
Кырыалаах кый ыраах дойдубар!
Мин бардым —
Төрөппүт аһыылаах дьоннорбор!
Мин бардым —
Хаарыаннаах дьоннорум чиэһигэр,
Албаннаах Кыайыыларын иэһигэр,
Өлөн да туран өлүү алдьархайын
өлөрбүттэрин бэлиэтигэр —
Ис сүрэхпиттэн долгуйан,
Иэйэ-туойа аймаһыйан —
Хоһооммунан аалай венок хаалларан!
Үйэлээх үрдүк лааматынньык туруоран!
* * *
Ытык Ильмень —
Ытык элбэх сахам өлбүт сирэ аатырбатын
Ытык Ильмень —
Ытык элбэх сахам Кыайыыны аҕалсыбыт
Ытык сирэ аатырыахтын!

