Page 67 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 67

/£Х5\.9                             Ө у а > ^ .9 'а  к > у £ -< ^

       ЭДЬИИЙДЭР ИЙЭҔЭ ТЭҤНЭЭХТЭР

               Элбэх оҕолоох саха  ыалыгар
               Эдьиийдэр  ийэҕэ тэҥнээхтэр,
               Кинилэр  нарын  санныларыгар
               Кыралары  иитиһии  сүктэриллэр.
               Оҕо сааһым  көрдөөх сылларыгар
               Махтанабын,  күндү эдьиийбэр,
               Барыбытыгар анаабыт амарах
                                        майгытыгар,
               Олоххо дьулуспут санаатын  күүһүгэр:

               Эн  эдэр сааһыҥ үтүөкэн  сылларын
               Олоччу  биэрбитиҥ биһиги туспутугар,
               Кэһии  оҥороруҥ хамнаһыҥ сыыһын  -
               Маанытык таҥнар-симэнэр оннугар...

               Араас үөрэҕи,  идэни  баһылааннар,
               Бырааттарыҥ сэттиэн дьон  буоллулар,
               Оччотооҕу тиийиммэт,  түгэммэт бэйэбит
               Орто олохтоох  ыаллар дэттибит.

               Дьылҕа-хаан тыйыс оҥоһуута,
               0,  ыараханыан,  Эйигин  суох  оҥорбута...
               Санньыар  ахтылҕан  хара  былыта
               Сүрэхпэр  ибиирдээн,  ытатан  ааста...

               Ама,  умнуом дуо,  күндү эдьиийбин,
               Ефросинья  Васильевна,  Эн  ыраас
                                        бэйэҕин,
               Эйигинниин  ситимнээх  олоҕум  уота  -
               Бар дьоммор аныыр  поэзиям  кутаата.
               Эдьиийим  уматыспыт ол  кутаатыгар
               Сы раллы ҥдуу, бардьонум,  кыбыстыбакка,
               Тыыннааҕар этиллибэтэх  махталлар  -
               Умуллубат уот буоллуннар дууһаҕа.

               14-16.12.93.



                                                          65
    5-45
   62   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72