Page 68 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 68

К Ө Л Ө Ь ҮН  ТАМ М АҔА БуО Л А Н

                   Мин  ыраах айаҥҥа  хомунабын,
                   Ахсыс сылбын,  ахсыс  күһүммүн...
                   Бөлүүн  ийэм  хойутаан  утуйбута,
                   Бүгүн  эмиэ эрдэлээн турбут...
                   Чэй  өрөн,  күөрчэх  ытыйан  букунайар,
                   Хаһыс сылын  ийэкэм долгуйар?
                   Хайдах сылдьыахпын,
                   Кимниин доҕордоһуохпун
                                           сүбэлиир...
                   Хаһан эрэ,  хаһан  эрэ
                   Эдэр  сааһын  бэйэтэ онно
                   Атаарбыт курдук,
                   Ол  куорат олоҕун,
                   Ол  куорат дьонун  -
                   Биэс тарбаҕыныы  билэр  курдук...
                   Хомунан  бүтэммин  арахсаары
                                           турабын,
                   Ийэкэм  бэйэтигэр  ордоруммут
                   Уон  сүүһүн  миэхэ  уунар  -
                   Аара  суолга,  быстахха туттарбар...
                   Үлэттэн  чэрдийбит ийэккэм  ытыһыгар
                   Харчы  көһүннэ  санаабар,
                   Көлөһүн  таммаҕа  буолан,  сырдаан...

                   08.10.1976  сыл.  Москва  к.



















       6 6
   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72   73