Page 72 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 72
М И Н БИЛЭР
уон АҔЫ СТААХ КЫ Ы ҺЫ М
Мин билэр уон аҕыстаах кыыһым
Миэхэҕэ ис сүрэҕиттэн эппитэ:
"Үчүгэйдик таҥнар, үөрэхтээх,
Үрдүк уҥуохтаах, атлет көрүҥнээх,
Кыраһыабай уолу таптыам,
Киниэхэ кэргэн тахсыам".
Онтон сүүрбэ биэс сааһыгар тиийиитэ
Өйө-санаата уларыйбыта:
"Таҥаһа-саба боростуой,
Туох эмит идэлээх буоллун,
Арыгыны эрэ испэтин, баҕар,
табаҕы тартын,
Оннук уолу таптыам, кэргэн тахсыам".
Буолан хаалта отут биэһэ,
Киэн туттар эдэр сааһа
Ааһан эрэриттэн ыксаабыта:
"Киһи быһыытынан эйэҕэс буоллун,
Миигин эрэ өйдөөтүн, таптаатын,
Билсиэм оннук киһилиин, кэргэн
тахсыам".
1982 сыл.
70

