Page 7 - Норуоттан тахсыбыт талаан
P. 7

Раиса  АММОСОВА,
                                              филологическай наука кандидата
         Л»)АМ  ТУҺУНАН  ИҺИРЭХ  ТЫА

            //  ин икки саастаахпар,  1943 сыллаахха, аҕам армияҕа ыҥырыл-
         »  П   лан барбыта. Онон кинини  1945 сыллаахха армияттан эргил-
         лэн  кэлбитин  кэннэ  биирдэ  өйдүүбүн.  Ийэм  оһох  ойоҕоһунан
         холумтаҥҥа  миигин  баттахпын  сууйа турдаҕына,  эмискэ  армей-
         скай синиэллээх киһи дьиэ ортотугар биирдэ баар буола түспүтэ.
         "Аҕаҥ  кэллэ”,  —  дииллэр.  Мин  урут  көрбөтөх  киһибин  көрөн,
         (>астаан атыҥыраан,  соччо чугаһаабаппын.  Өссө ийэбин былдьа-
          ган,  оннооҕор  күнүүлүү  саныыбын.  Ол  эрээри,  биир-икки  хо-
         поот,  олох  арахсыбат,  сиэттиһэ  сылдьар  киһи  буолтум.
            Оҕо сааһым быстах түгэннэриттэн ахтан ыллахха, ийэлээх аҕам
         бииргэ  саалана  баралларын  наһаа  үчүгэйдик  өйдүүбүн.  Элбэх
         баҕайы кустаах кэлэллэрэ. Бииргэ сылдьан отоннууллара. Бу кэлин,
         олох  сааһыран  да  баран,  дьоммут  70-тан  тахсыахтарыгар диэри,
         бары бииргэ сылдьан отоннуурбут. Аҕабыт,  көрдөххө үксүн биир
         сиргэ,  киһини  хаадьылыы-хаадьылыы,  олорор-сытар  курдук
         буолара да,  ким хайа иннинэ  иһитин толорбута баар  буолааччы,
         сүрдээх  отонньут  этэ,  киһи  эрэ  барыта  кинини  кытта  кыайан
         күрэстэспэт буолара. Маны тэҥэ, кини бэрт баардаах, байанайдаах
         булчут  этэ.  Ол  туһунан  үөлээннээхтэрэ  өрүү  бэлиэтээччилэр.
         Уопсайынан, айылҕаҕа сылдьарын олус сөбүлүүрэ. Сүргэтэ көтө-
         ҕүллэн,  күлүм аллайан,  үөрэн-көтөн,  сэһэн-тэппэн бөҕө буолан,
         олус дуоһуйан айылҕаҕа сылдьара.
            Аҕабын  өйдүөхпүттэн,  наар  үлэлии-хамсыы  сылдьарын  көрө-
         рүм.  Сүрдээх үлэһитэ.  Тугу эмит саҕалаатар эрэ,  бүтэрэ илигинэ
         лрахсыбат  буолара.  Сарсыарда  эрдэ  да  уһутуннахха,  кини  наар
         үлэлии олорор буолара: эрбиир, аалар, чочуйар, үлэ-хамнас күөс-
         гүү  оргуйар  диэбит  курдуга.  Ол  сылдьан,  олорон  эрэн  үлэлиир
         буоллаҕына, үксүн ырыа доҕуһуолланара. Олус ис киирбэх сахалыы
         куоластааҕа.  Көргө-нарга  наһаа  көхтөөх,  ырыаһыт-тойуксут
         киһинэн чугас  эргин дьонугар биллэрэ.  Кыра сылдьаммын  кини
         кылыһахтаах куолаһын истэн олус дьиктиргиирим: “Эн күөмэйгэр
         ити туох хос ыллаһарый?”  — диэн мискийэр этим. Аҕам армияҕа
   2   3   4   5   6   7   8   9   10   11   12