Page 11 - Норуоттан тахсыбыт талаан
P. 11
Людмила АММОСОВА
СҮРЭҔИМ СЫЛААС ИЭЙИИТИН
Аг,ам Т.В.Аммосов сырдык кэриэһигэр
Булгунньахтар тэллэхтэригэр,
Киэҥ алаастар быыстарыгар,
Түптэ буруотунан унаарыйар
Төрөөбүт Баҕалааҕым баар санаабар.
Оҕо сааһым аргыстара —
Бииргэ үөскээбит доҕотторум:
Баһылаччалар, Миичикэлэр,
Сөдүөттэр, Көстөкүүннэр...
Сырдык күммүт эмиэ тыкта,
Сытыы сардаҥатын ыста,
Көһүннэ таайым тэлгэһэтэ,
Баҕа санаам эһиэхэ тиийдэ.
Баҕалааҕым үтүө-мааны ыччаттара,
Бука диэн баалаамаҥ дуу миигин —
Ь1раах Дьокуускайга сылдьан,
Биһигини умунна дии санааҥҥыт.
Этэр-тыынар буоллахпына,
Дууһам туойарын тухары
Сүрэҕим сылаас иэйиитин
Эһиэхэ өрүүтүн аныыбын
Баҕа санаам — эһиэхэ,
Бары айбытым — эһиэхэ,
Ыллыыр ырыам — эһиэхэ,
Баҕалааҕым ыччаттара!
Олунньу 19 күнэ, 1996 сыл.
Чараҥ бөһүөлэгэ

