Page 167 - Иван Мигалкин. Сүрэхтэн саҕыллар санаалар
P. 167

рыытын эрэйэр, төлөбүрэ суох үлэни барытын Сергей баһылаан-
        көһүлээн  ыыппыта.  Сорох  тыыннаах  эргиллибит  фронтовиктар
        ол  байыаннай  үөрэххэ  олус  махтаналлара:  «Пулемету,  автома­
        ты,  винтовканы,  гранатаны  Сергей  оскуолатыгар  үөрэммиппи-
        тинэн, атын ханна да үөрэммэккэ эрэ кутаа уот ортотугар биирдэ
        баар буолбуппут, онон киниэхэ махталбыт улахан», — дииллэрэ.
           «Сергей,  биллэрин  курдук,  литератураҕа  1929  сыллаахха
        «Арамаан  артыала»  поэматынан  эмискэ сиппит-хоппут,  талаан-
        наах  поэт  быһыытынан  литератураҕа  киирбитэ.  Бу  үтүөкэннээх
        суруйуу ол  биһиги олохпут историяҕа  киирэр отутус сыллардаа-
        ҕы  кэмигэр  олус  да  наадалаах  эбит...  Сергей  сэрии  кэминээҕи
        айымньылара  биһиги  Ийэ дойдубут саамай  кытаанах,  елер  эбэ-
        тэр тыыннаах хаалар иһин кырыктаах хапсыһыыга киирбит кэми­
        гэр  олус  дириҥ  патриотическай,  идеологическай  суолталаахта-
        ра,  элбэх буойуҥҥа күүс-уох,  өй-санаа  укпуттара саарбаҕа суох.
        Кини  курдук,  сэрии  кэмигэр  күүркэйэн,  уһуктанан-кылааннанан
        элбэх  үтүө  айымньылары  биэрбит  суруйааччы  баарын  биир  бэ-
        йэм ессе билбэтим. Сорох айымньылара тустаах кэмигэр, чахчы-
        лаах  матырыйаал  буола  турар событиеларга,  ол  иһигэр бэриэт-
        тээн  көрүүлээх  суруллубут  буолан  ордук  күүстээхтэр,  дьоҥҥо
        тиийимтиэлэр.  Сергей  «Ытык  Ильмень»  туһунан  балладата
        бүтэһик  бастыҥ  айымньыларыттан  биирдэстэрэ.  Поэт-патриот
        бу айымньытынан бэйэтин айылҕаттан талаанын кердерер,  урут
        быһаарыллыбатах  саҥа  боппуруоһу,  ыраах  Новгородскай  уоба-
        лас  сиригэр  охтубут  сүүһүнэн  буойуннар  ааттарын  үйэтитиигэ,
        нуучча, саха норуоттарын доҕордоһууларын бөҕөргөтүүгэ улахан
        кылааты  киллэрбитэ.  Баллада  суруллубутун  кэнниттэн  Саха  си­
        рин правительствотынан,  атын  маныаха сыһыаннаах тэрилтэлэ-
        ринэн,  биирдиилээн  дьоннорунан  бу  боппуруоска  утумнаах  улэ
        быйылгыга диэри ыытыллар,  бука,  инникитин да салҕаныаҕа.
          Сергей  киһи  быһыытынан,  майгытынан,  чиэһинэйинэн,  бэйэ­
        тин сэргэх сэбэрэтинэн да сахаҕа дэҥҥэ көстөн ааһар ураты кэрэ
        дьонтон биирдэстэрэ этэ.
          Биһиги  1972 сыллаахха Москваҕа олорор скульптор К. Б. Ива-
        новскаяттан  урут  Суруйааччылар  сойуустара  оҥорторбут  ха-
        лыыптарынан чэпчэки  сыанаҕа  боруонсанан  Сергей  бүүһүн  куо-
        пуйатын куттаран ылан, Суотту орто оскуолатын уһун көрүдүөрү-
        гэр постамеҥҥа туруорар уонна айымньыларын витринаҕа тэлгэ-
       тэр дьон буоллубут. Ону үөрэх миниистирэ Н. И.  Шарин команди­
        р о в к а   тахса  сылдьан:  «Убайгыт бүүһүн  көрөн  баран  олороҕут,
       онтон  Ленин  киэнэ  ханнаный?!»  — диэн  улаханнык  ыксатан  ту-
        рардаах...
       1Г                                                      163
   162   163   164   165   166   167   168   169   170   171   172