Page 26 - Иван Мигалкин. Сүрэхтэн саҕыллар санаалар
P. 26

поэзии «Россия» серияҕа тахсыбыт бу бэртээхэй кинигэни Семен
        Петрович  бэйэтин  куолаһынан  уһуллубут  пластинкалааҕа  өссө
        киэргэтэр.  Ону  сорох  ардыгар  холбоон,  сылаас  иэйиилээх  ах-
        тылҕаммын таһаарабын...
           Семен  Петрович  Данилов  курдук  суду  поэттан  бэлэх  ылан,
        үөрүү-көтүү кынаттанан, ол киэһэ уопсайбар кэлээт, сэттис этээс-
        кэ  убай  суруйааччыбар  Николай  Алексеевич  Габышевка  үргүл-
        дьү ааһан үөрүүбүн үллэстибитим. Онуоха кини:
           — Сэмэн  эдэриттэн  ыраас,  чэнчис.  Поэзията  эмиэ  ол  курдук
        сырдык...  Сэмэн  курдук уйан,  аһыныгас дууһалаах  киһи эйиэхэ,
        литературнай  уолугар  (Семен  Петрович  Данилов  нуучча  уонна
        атын  омук  суруйааччыларыгар  миигин  билиһиннэрэригэр  өрүү
        «Мой  литературный  сын»  диирэ.  Ону  Николай  Алексеевич  үчү-
        гэйдик  билэрэ.)  анаан-минээн  бэлэх  оҥордоҕо.  Байдаххына,
        аатырар суруйааччы  буоллаххына,  төлүөҥ диэн эппитэ,  уолбут-
        тан  киһи бэрдэ таҕыстын, хаһан эрэ аатырдын диэн үтүө алгыһа
        буоллаҕа», — диэбитэ.
                                  *  *  *
           «Оҕо этим — отон этим...» диэн ааттаах  1974  сыллааҕы чер­
        новой тэтэрээттээхпин. Ити тас өттүгэр Семен Петрович илии бат-
        таабыта  билигин  да  үчүгэйдик  көстөр.  Биирдэ,  саҥа  хоһооннор-
        бун ааҕан  иһиттиннэрбитим  кэнниттэн,  кини тэтэрээппин  көрдөөн
        ылан  бэйэтин  илии  баттааһынын  хаалларбыта.  Бу  тэтэрээппин
        ылан көрдөрбүн эрэ, Семен Петровиһы саныы түһэбин. Кинилиин
        араас тиэмэҕэ элбэхтик кэпсэтэрбит. Кини миигин араас көрсүһүү,
        кэпсэтии кэнниттэн хайаан да бэлиэтэнэн иһэргэ, онтон туох түмү-
        гү оҥостуохха сөбүн сурунан ыларга үөрэппитэ. Холобур:
           1.  Хоһоону  ханнык  баҕарар  форманан  суруйуохха  сөп,  ол
              эрээри бэйэни хаһан да албыннанымыахха наада. Куттас,
              дьоҕура  суох  киһи  бэйэтин  санаатын  албынныыр...  Ап-
              бын, куттас санаа — поэзия буолбат.
           2.  Поэзияҕа таҥнары түһүү буолла дииллэр.  Ол  сыыһа:  по-
              эзияҕа хаһан да таҥнары түһүү уонна өрө тахсыы суох.
           3.  Суруйааччы төрүт суруйбакка сылдьыыта — ордук ыара-
              хан  кэм.  Бу кэмҥэ  кини  мэлдьи  толкуйдуур,  матырыйаал
              хомуйар, бу суруйардааҕар өссө ыарахан...
           4.  Биирдиилээн дьон литератураны хамсатар.
           5.  Таптал — икки  утарыта турар характер охсуһуута.  Олор-
              тон  биирдэстэрэ  хайаан  да  күүстээх,  иккиһэ  мөлтөх  буо-
              лар.  Бу  характердар  хайа  эрэ  төрүккэ  олоьуран  инники
              сайдыыларын хоһооҥҥо биэриэхтээххин. Ол иһин таптал
        22
   21   22   23   24   25   26   27   28   29   30   31