Page 16 - Саха дьахталларыттан бастакы журналистка Мария Гаврильевна Бурцева
P. 16

Бу баар тылбаастыахха да айылаах куоппутгара,— хаһыаты арый-
         талыы-арыйталыы быһааран иһэр.  Атыннык этиллибит,  сөп түбэс-
         пэт тыллар да Маайа хараҕын далыттан  “куоппаттар” .
           М.Г.  Бурцева дакылаатыгар тохтооботох:  “Сөптүҥү даҕаны”,—
        диэн кэмчитик биһирэммит үлэлээхтэр,  кырата суох наҕарааданы
         туппуттуу, үөрэн-көтөн күлүмнэһэллэр. Маайа барыбытын эргиччи
         көрөн кэбиһэр улахан уонна сытыы харахтааҕа:  “Ынахтан ньиирэй
        төрөөччү  ээ...”.
           Дьоҕус хос үрдүттэн туох эрэ түһэн кэлбитинии сыҕарыҥнаһыы,
         соһуйуу, айдаан буолан ылбыта. Сыыһа да араастаах, хайыаххыный.
         Суругу  ситэ  корботох  уолчаан  сонно  булуллар...  Онтон  ким  да
         саҥарбат.  Арай дакылаатчыт  Маайа  намыын  куолаһа эрэ  иһиллэр.
         Киниэхэ дэбигис  быһаара  охсуллубат,  уустук айымньыны,  ханнык
        эрэ  оһуору-ойууну сыыһатын буллара биэрбиттэрин курдуга.  Маа­
         йа оннук кыраҕы,  олус сытыы өйдөөх буолан  булар  эбээт!
           Ити дьикти мунньахха М.Г.  Бурцеваны аан бастаан көрсүбүппүн
        умнубаппын.  Кириитикэлээччи силбиэтэммэт эрээри долгутуулаах
        тыллаах,  оттон  кириитикэлэммитгэр  ураты  мордьойон  турбаттар:
        барыта кырдьыктаах уонна үйэ тухары үлэҕэ-олоххо көрсөр сүбэҥ-
        соргуҥ.
           Коммунист  Мария  Гаврильевна  эргиэн  үлэтин  туһунан  улахан
        ыстатыйаны  таһаартарбыта. Онно эппиэт тиийэн кэлэр.  Ону корон
        олорон баран:  —  Ньап курдук,  букатын атын...—  суругу сыҕарыч-
        чы аспыта. — Тоҕо итиннигий? — хом түһэн иһэн, телефону эрийэр:
         “Мин — Маайабын!”,  — уһуннук, дьаныардаахтык кэпсэтэн, утум-
        ситим баран иһэр.  Ол “Кыым” кырдьыгын таһаарыы этэ, кини ону
        сатаан  булара,  хайаан да  ситиһэрэ.
           Сотору  буолаат,  иккис  эппиэт  кэлбитэ.  Мария  Гаврильевна
        норуот үбүн-малын харыстаабат түбэлтэҕэ кытаанах,  хайаан да ти-
        һэҕэр тиийэ быһаарсан эрэ баран тохтооччута.
           Үлэтин, дьыалатын билэр, дьиҥнээх үчүгэй  киһи улам үрдээн,
        сырдаан иһэр. Маайа оннук этэ. Илиитин араарбакка үлэлиир, оло-
        ҕор  бигэтик  олорор,  халбаҥнаабат дьоһуннаах үлэһит.  Эдэр,  сы-
        тыы-хотуу уолаттар айдааран кэлэллэрэ элбэх: “Маайа, Маайа, маны
        хайдах төбөлүүбүт?”  — диэн.  Оччоҕо:  “Аҕал эрэ,  көхсүн көрүөххэ”,
        — диэн доҕоро муммутун сонно быһаарыаҕа.
           М.Бурцеваны  ким  да  Маайаттан  атыннык  ааттаабат.  Оннооҕор
        ыраахтан кэлэр корреспонденнар: “Тохтоо, Маайаҕа бардым!”.  Маа­
        йа лоп-бааччы сүбэтин истиэх тустаахтара. Онон биһиги Маайабы-
        тын бүтүн  Саха сирэ  корон-билэн  олорор  курдуга.  Оттон  миэхэ,
        туе  бэйэбэр,  ханна да арахпакка,  бииргэ сылдьар,  үлэлиир кэпеэ-
        тэр  хайдахтаах  үчүгэй  буоларай?  Үтүө  майгытыгар  абылаттаран
        иһэҕин,  үрдүүгүн,  үөрэҕин...
           Саҥа  үлэһит  буола  сатаан  эрэр  эдэр  уонна  бэйэтигэр  тиийбэт
         14
   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21