Page 19 - Саха дьахталларыттан бастакы журналистка Мария Гаврильевна Бурцева
P. 19
бэйэбит туруннахпыт дии!”, — диэн тыл этэрэ. Ыраах тыаҕа,
хайаҕа тахсан, тэрилтэбит уонна үлэһиттэрбит дьиэлэригэр оттор
мастарын кэрдэрбит, мастаан, бэлэмнээн, сыра бөҕө барара. Маа-
йа сүүһүгэр көлөһүнэ бычыгыраан тахса, икки имэ тэтэрэн хаалан
баран, улахан дүлүҥү үҥкүрүтэ сатыыра: “Хассаах баҕайы эбит”,
— кыайбатах, күүһэ тиийбэтэх, маһын буруйдаан этэн таһаардаҕы-
на, сөрү сөпкө дылы буолан иһэрэ.
Элбэх үлэлээх-түбүктээх ийэ дьиэтигэр биир мүнүүтэҕэ ИЛЛЭН'Э
суоҕа. Бокуой көһүннэ да уһанара: бэртээхэй талах олох мастары,
мае иһиттэри оҥортуура. Ийэ уһанар, түөрт кыракый киһи, оҕоло-
ро туда тураллар. Бары эмдэй-сэмдэй, олус кыралар этэ. Ийэ оон-
ньуур оҥороро дэлэ кэрэ буолуо дуо?
Улахан уола үс ахсааны суруйа сатаан баран, ытыы-ытыы
остуол анныгар түһэр. Ийэ намыһах бэйэтэ оҥорбут олох маһыгар
олорон кылап гына көрөөт: “Ээ, биһиэхэ өһөс оҕо диэн төрүт
суох!”, — хайҕаан, таптал ааттарынан ыҥыртаан: “Тараахыйаа,
Хороохуйаа!..”, — диэн барара.
Уйан сүрэхтээх, олус эйэҕэс ийэ сүрэҕэр-түөһүгэр биэбэйдээ-
бит оҕолоро, кэскиллэрэ: Марианна, Руслан билигин улахан, үлэһит
дьон буоллулар.
Бу суруйааччы Күн Дьирибинэ уура сылдьыбыт кыракый паап-
катыгар баар тэҥ, олус үчүгэй буукубалаах суруктары, айымньы-
лары көрө олорон: “Маайа дакылааттыыр...”, — диэни истэргэ
дылыбын. Биһиги Маайабыт, күндү киһибит, дьүөгэбит суох. Кини
оһол кэриэтэ эмискэ ыалдьан, ыарахан сылдьан 1946 сыллаахха
өлбүтэ. Баара эрэ 36 саастааҕа, суруйар, үлэлиир, күөгэйэр күнэ
оннук буолан хаалбыта.
Орденнаах “Кыым” ууруллан турар илиистэригэр, сахалыы
сурунааллар саһарбыт страницаларыгар Хоро кыыһын Маайа Б.
кытта эмиэ оргууйдук кэпсэтэргэ, кини дэгиттэр үчүгэйин, дьа-
ныарын көрөргө дылы буолаҕын.
М. Бурцева суруйуулара бэйэлэрин кэмнэригэр ыччаты иитиигэ,
үлэһит дьахталларга улахан суолталаахтара. Ол иһин биһиги Маа
йабыт үтүөтэ умнуллуо суоҕа.
Саха дьахталларыттан бастакы журналист М.Г. Бурцева дьулус-
пут дьулуура, дьаныспыт үлэтэ-сыала өссө ордук үрдээн, улаатан,
тэнийэн, саҥатган саҥа көлүөнэ үөскээн-үүнэн иһэрэ үөрүүлээх!
Анастасия Сыромятникова,
Кыым. — Ахсынньы, 1976 с.
3 Заказ № 116 17

