Page 45 - Е.Ф.Федоров. Уус-Алдан оройуона Сэбиэскэй сойуус Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар
P. 45

лэммитэ,  холкуостар  сайын  ортото  ааспытын  кэннэ  көһө
            кыахтаммыттара.  Онон биһиги оройуоммут холкуостара атын
            оройуоннарга  көһөн  сүөһү  аһылыгын  бэлэмнээһиннэрэ  уһу-
            луччу ыараханнардаах буолбута.
               Ол  да  буоллар,  бииринэн  оройуон  иһинээҕи  ходуһа  сирэ
            үксэ  курааннаан  үүммэтэҕин  үрдүнэн,  иккиһинэн,  атын  оро­
            йуоннарга  көһөн  оттооһун  улахан  ыараханнардааҕын  иһин,
            оройуон  холкуостара  от  үлэтин  тэрээһиннээхтик  саҕалаан,
            үлэөит  илиини  элбэхтик  таһааран,  үлэ  оҥорон  таһаарыытын
            үрдэтэн 32151,17 гектартан 45313 туонна оту оттообуттара, от-
            тон сиилэһи, хомуһу, былаҕы, соломону барытын холбоотоххо,
            1941-42  сыллаах  кыстыкка 62386,17  туоннаны  общественнай
            сүөһү аһылыгар  бэлэмнээбиттэрэ.  Оройуон  75  холкуостарыт-
            тан  Тэбиик,  Өнөр,  I  Суотту,  II  Байаҕантай  о.д.п.  нэһилиэктэр
            59  холкуостар  бэйэлэрин  общественнай  сүөһүлэрин  аһылы-
            гынан сөпкө хааччыйбыттара, 46 холкуостар үлэ күнүгэр 4410
            туонна оту үллэстибиттэрэ.
                Оройуон үгүс  холкуостара,  фронт интэриэһигэр,  байыан-
            най  бириэмэ  көрдөбүлүгэр  сөп  түбэһиннэрэн,  бэйэлэрин
            уларыта  тутан,  от  үлэтигэр  тэрээһиннээхтик  общественнай
            сүөһүнү  аһылыгынан  хааччыйыыга  үчүгэй  түмүктэри  ситис-
            питтэрэ, ону маннык таблицаттан көрүөххэ сөп:

                  Нэһилиэхтэрэ, холкуостара  1940 сылга   1941 сылга
                                          оттоото, туонна  оттоотс, туонна
             I       II Өспөх нэһилиэгэ       2343         2672,9
             2        Такда нэһилиэгэ         800           953
             3        Ҥайахы кэһилиэгэ        3275         3813
             4       I Суотту нэһилнэгэ       3019         3179
             5       Чэрихтэй нэһилиэгэ       1412         1788
             6    Танда — “Табалаах” холхуоһа  411          555
             7        Хоро — Куотуха          370           377
             8   I Байаҕантай — “Кыһыл Танда"  834          863
                         холхуоһа
             9    I Суотту — "Көрдугэннээх"   382           438
                         холяуоһа
             Ю   II Өспөх — “Сардаҥа” холхусһа  837         873

                Ол үрдүнэн оройуон холкуостара 1941-42 сыллардаах кыс­
            тыкка үгүс күчүмэҕэйдэри көрсүбүттэрэ. Ол, туох ханнык ин-
            нинэ, общественнай сүөһүнү  кыстатан таһаарыыга балаһыан-
            ньа  1941  сыллаахха  1940  сыллаахха тэҥнээтэххэ  өссө  ордук
            ыараханыгар  буолар.  1940  сыллаахха  тэҥнээтэххэ  1941  сыл­
            лаахха сүөһү аһылыга 10 тыһ. тахса туонна аҕыйах этэ, эбэтэр
            1940 сыллааҕар  1941  сыллаахха 3000 кэриҥэ сүөһүнү элбэхтик
                                                                  37
   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49   50