Page 19 - Кэнчээри ыччат туһугар
P. 19
СТ%Сэн1ээри ыпат туИугар
РУМЯНЦЕВА КЛАРА ИННОКЕНТЬЕВНА
(17.10.1937-13.12.2021)
Российскай Федерация уөрэҕириитин туйгуна,
«Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа»,
«Почетный старейшина Республики Саха (Якутия)»
бэлиэлэр, Ил Тумэн бочуоттаах грамотатын,
кыһыл көмус чаһытын хаһаайката,
педагогическай улэ бэтэрээнэ,
Өспөх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо
Мин II Өспөх нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Өспөххө 1962 сыл-
лаахха 25 миэстэлээх детсад аһыллыаҕыттан үлэм саҕаланан
баран, 1988 сыллаахха балаҕан ыйыгар пенсияҕа тахсан
уурайбытым. 1974 сыллаахха педагогическай училищены
кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитим. Ол иннинэ 1964 сыллаахха
дошкольнай педагогическай кылааһы бүтэрбитим, онтон
воспитателлыы сылдьан, быстах сэбиэдиссэйдэри солбуйан баран, 1967 сылтан пенсияҕа
тахсыахпар диэри сэбиэдиссэйдээбитим, онон дьааһыла-садка 26 сыл үлэлээбитим.
Пенсияҕа тахсан, Дьокуускай куоракка оҕолорбутугар көһөн киирэн, 1991 сыллаахха
диэри Саха академическэй театрыгар снабженеһынан үлэлээбитим, онтон ыла сиэннэри
көрсөн, дьиэ хаһаайката, эбэ оруолун толоро олоробун.
Икки оҕолоохпун. Кыыһым Сивцева-федорова Анна Васильевна бухгалтер үөрэхтээх.
Саха академическай театрыгар үлэлиир. Үс уоллаах. Василий - юрист, Александр -
архитектор, Илья - студент.
Уолум Иннокентий Васильевич - архитектор, идэтинэн үлэлиир. Икки оҕолоох. Майя,
Алексей иккиэн архитектордар, идэлэринэн үлэлииллэр.
Дьиэҕэ олорон, Өспөх нэһилиэгин түмсүүтүгэр баарбын. Нэһилиэкпит олоҕун билсэ,
араас тэрээһиннэригэр харчы хомуйсан, ол-бу бэлэҕинэн, кыралаан харчынан да
көмөлөһөбүт. Өспөхтөр түмсэн, бэлиэ даталары бэлиэтиибит. Сиэннэр улааппыттарын
кэннэ кыралаан быысапкалыыбын. Кинигэ, хаһыат ааҕыыта - сүрүн үлэм. Аҕыйах сылтан
бэттэх олохпор туох туһалааҕы оҥордум, сыыстым, таптым диэн сыымайданабын.
Онтубун мунньан, олорбут олохпун, кэргэмминээн Василийдыын хайдах билсэн, ыал
буолан, тугу үлэлээн олорон аастыбыт диэн бэлиэтэнэн, бииргэ олорбуппут 60 сылыгар
кинигэ оҕото таһааттардым.
Сайын аайы дойдубар са-
йылыыбын, дьүөгэлэр эмиэ
түмсэн, сонуммутун, олохпут
илгэтин үллэстибит. 2010 сыл-
тан салайааччыбыт Е.Ф. Сивцева
тэрийэн, «Хаачылаана» диэн
бэтэрээн сэбиэдиссэйдэр түм-
сүүлэригэр кыттабын. Түмсүүгэ
баарбыттан, коллегаларбын
кытта көрсөрбүттэн үөрэбин,
астынабын. Түмсүү буолар диэ-
тэллэр эрэ, хас да ый инниттэн
кэтэһэбин, сэргэхсийэ түһэбин.
Тайахтана-тайахтана бара тура-
бын.
Олоххо, үлэҕэ алтыспыт
дьоммун сурукка тиһэбин. Эһэ-
бит Сивцев Василий Алексеевич

