Page 120 - Былыр этэ диэххэ
P. 120
Сэмэн түүлээххэ илдьэ сылдьар иһитин манна дьиэҕэ көрдөрбөт.
Иһирдьэнэн-таһырдьанан бэтэкэйдэнэ сырыттаҕына, оҕолор ынах-
тар кэллилэр диэн ыһыытаан иэдэттилэр. Ынах ыыр биэдэрэтин
туппутунан сылдьан хоспохтон биир хочулуогу булан үөрэн-көтөн
киирбитин, тойоммут мыынна. Хайыай, ыалыгар тахсарга тиийдэ.
Ыстапаанньаттан киллэрбит Ашаан үс киилэлээх күөстэнэр миис-
кэтэ эмиэ кэрэгэй аатырда. «Хата ити тута сылдьар иһитиҥ арыый
обургу эбит ээ». Ааныка хаарыаннаах ынах ыыр аҕыс киилэлээх саҥа
биэдэрэтин хоруо оҥотторугар тиийдэ. Уолаттар бэлэм куруламмыт
саһаантан сөп соҕус хардаҕас кыралаабыттар. Өндүрэй икки ытыска
устурууска кыһан, өрбөҕүнэн баайан бэлэмнээбит.
Тойоммут уһун дассабыыктаах, үс киһи арыалдьыттаах, киэ-
һээҥҥи көтүүгэ диэн алта чаастан айгыстан киирдэ. Кырдьык,
сааскы дьэһээккэни бэрдьигэс саба үүммүтэ күнүстэри да оло-
рорго бүччүм миэстэ эбит. Таба тэллэҕи аҕалбыттарын тэлгээн,
кус ааһар сирин дэлби тэпсэн, налыы ууга диэри ытар сирин
ыраастаатылар. Оллоонугар маһын ууран саһаҕатын кыбыттылар.
Олоҕо намыһаҕын туруорсан, биир эттээх дулҕаны быһа таһы-
йан аҕалбыттарыгар оҕонньордоро санаата кэлэн олорон хаалла.
Ыраахтан эһэ олорорун курдук сүгүллэн олорор. Уолаттар төн-
нөн таҕыстылар. Хойутуу мотуорунан киирэн тарҕаһа олоруох-
таахтар. Тойон аттыгар чугаһынан төрүкү ким да турааччыта суох.
Онон аны мээнэ сиргэ олордон тойоммут тугу да бултуо суоҕа
диэн сэрэхэдийдилэр. Хата Битииссиннэрин саата тыаһыах кур-
дук. Сүрдээх ытар быһыылаах, сырдыкка түһэрэрэ көстөр. Сотору
оҕонньордорун уота таҕыста. Ол да гыннар саа тыаһа астаах соҕус-
тук биирдиитэ ытара сэллээбэтэ. Хараҥарыыта уолаттар киһилэрэ
саата тыаһыырыттан эрэх-турах миэстэлэрин булуннулар. Бүгүн
хаһааҥҥытааҕар да балай эмэ көттө. Дьэһээккэлээх сааһыт ха-
раҥарда диэбэккэ хам-түм саата тыаһыыр. Уота биир кэм кыта-
ран олорор. Лаппа хараҥарбытын кэннэ, мотуордаахтар тыраахтар
хаһыытынан тиксэр биэрэктэригэр кэллилэр. Үргүлдьү тойонно-
рун отуутун уотун сырдыгынан сирдэтэн киһилэригэр тиийдилэр.
Оҕонньордоро уот иннигэр аһын тобоҕолуу олорор. «Дьэ, нохо-
лоор, сүрдээх хараҥанан ытар дьон эбиккит. Эһиги тахсаргытын
кэтээн хата мин булдум бүттэ», — диэн соһутар. «Хайдах, сырдык-
ка да көрдөххө балай эмэ түһэрэр курдугуҥ дии. Төрүт мэлийдиҥ
дуо?» Итэҕэйбэтилэр. «Бэртээхэй сир эбит. Киһи айаҕар аһыыр
118

