Page 175 - Былыр этэ диэххэ
P. 175
көннөҕүнэ дьиэбитигэр баран көрүө этибит». Оҕонньор эрэйдээх
хантан билиэй, эһэ обургу икки хараҕын уутун тоҕо тардыбытын.
Куйахатын илитэ сатаатылар да, оҕо иигэ ханна да тиийбэтэ. «То-
ойуом, былааккын аҕал эрэ, аны мин ииктээн көрүүм». Эһэтин
ииктэтээри көрбүтэ, оҕонньор аҥаар атаҕа эмиэ хаан-билик...
Ииктээх былаатынан хатан эрэр куйаханы көннөрө сатаатылар да,
аны бараллара моһуоктанна. Оҕо бастакы ытыытыгар эһэккэтин
тилэххэ таппыт. Сааҕа таптаран өйүн сүтэрбит оҕонньору эһэ ку-
йахатын хастыы тардыбыт. Иккис ытыы эрэ тыатааҕыны өттүккэ
таппыт. Ол иһин эрэ оҕонньору өлөрбөтөх. Куруҥ маһынан тайах-
танан, сэниэлэрэ-сылбалара баранан, эбиитигэр бырдах аһылыга
буолан, сыккырыыр тыыннара балаҕаннарыгар кэллилэр. Өлбөт
үөстээх, бөҕө оҕонньор ол курдук иигинэн, балык сыатынан эрэ
сотто-сотто, нэдиэлэ сытар. Күтүөтэ болдьоҕор биир аттаах кэлэн,
иэдээн буолбутун көрөн сылбахай ууну эрэ иһээт, төттөрү төн-
нөн, доҕор киһилээх, биэс атынан хаттаан кэлэн ылан бараллар.
Ол курдук оҕонньор кырдьар сааһыгар айылҕатыгар халы-маар-
гытык сыһыаннаһан, эһэҕэ баттатан икки хараҕа суох да олордор
тыатааҕытын кытта киирсэр санаалааҕа. Дьоннор этэллэринэн,
эдэригэр биллэ кыахтаах эбитэ үһү. Ол иһин да эһэҕэ кыайтар-
бакка, бүтэһик күүһүнэн тылын төрдүттэн ыбылы тута сылдьан
күүстээх охсууларынан хадьырыйбат буолуор диэри сыҥааҕы эт-
тээтэҕэ. Оҕото арыыйда улахана буоллар аҥаар буолуохтаах барах-
сан, кырата бэрдиттэн эһэккэтин тыатааҕыга сиэттэҕэ. Оҕонньор
сиэним саанан ытан сиэтэ диэн төрүт этээччитэ суох. Хата сиэним
өрүһүйэн бу чаабыргыы сыттаҕым диирэ.
Белай Гораттан хирурдар кэлэн оҕонньор тилэҕиттэн уон сэттэ
доруобу ылҕаабыттар. Сүрүн даа... итиччэ кыра оҕонньор тилэҕэр
уон сэттэ доруобу хатыыр гына эһэҕэ төһө чугас турбутун сааһыт
дьон санаан көрүҥ. Эһэккэтин адьырҕа кыылтан быыһаары ха-
рыс да кэннинэн тэйбэтэх оҕо кэлин байанайдаах булчут бэрдэ
буолта да, биирдэ да эһэҕэ сорумматаҕа.
Үйэтигэр аар тайҕаҕа көҥүл-босхо күүлэйдээн, көссүү хоон-
ньугар күөлэһийэн, оҕо-уруу көрөн эрэйдэммэккэ кырдьыбыт
оҕонньор тыатааҕыга баттатан бохсуллубута. Кыра күтүөтүгэр
Баасаҕа сытан, сиэннэр минньигэс саҥаларын, дьиэ олоҕун сы-
лаас тыыныгар бигэнэн олоҕун уонча сыл уһатан бу орто дой-
дуттан күрэммитэ. Сиэнэ уолу эһэ омурдун тэһэ туппута сайып
173

