Page 174 - Былыр этэ диэххэ
P. 174

сылдьан оҕонньордоох эһэ сууллан түһэллэр. Эһэккэтин тыатаа-
              ҕы баттаан эрдэҕинэ уу-хаар баспыт харахтаах оҕо ытта да тыатаа-
              ҕы таптарбыта биллибэтэ. Хата эһэккэтэ, тылыттан матан, налыс
              гынна. Кыынньа кыыһырбыт кырдьаҕас ыпсыбат буолбут сыҥаа-
              ҕыттан босхолонон, аллараа баттыы сытар өстөөҕүн уһун дэгиэ
              тыҥыраҕынан кэтэҕиттэн ылан куйахатын сирэйигэр саба бырах-
              та. Оҥоруоҕун оҥорон, өндөйөн эрдэҕинэ, саа иккиһин эһиннэ.
              Таптарбыт кыыл күн өйдөөх киһитэ тулуйан истибэт часкыы-
              рын түһэрбитэ оннооҕор ыам бырдаҕын кытта кыйдаата. Кыл
              түгэҥҥэ оҕо эрэйдээх хантан ботуруон уктуой. Хаанынан көрбүт
              өлүү айаҕа оҕону биирдэ ыйыстан кэбиһиэхтии утары ыстаммы-
              тыгар, саатын ыһыктаат сууллан түһэн өлбүтэ буолаахтаата. Сиэ-
              мэҕэ киирбит сир иччитэ туох буолбутун туолкалаан өйдөөбөккө
              да, «өлбүт» оҕо үрдүгэр өҥөйөн туран кыракый киһичээни уһун
              дэгиэ тыҥырахтаах баппаҕайынан сэҥийэтиттэн харбаан көрдө.
              Аһыммыта дуу, алҕаабыта дуу, ол кэннэ тыытыһа барбата. Хабыр
              хапсыһыыттан хаана оонньообут хардаҥ эһэ өттүгүн бааһа өй-
              дөтөн, хат оҕонньорго ыстанна. Өстөөҕө хамсаабакка сытарыттан
              сэймэктэһэ барбакка, бүлгүнүн икки өттүнэн төбөтүн охсо куо-
              ҕалдьыйа, көхсүн иһэ өһүнэн-сааһынан кыынньа, дьалты дьал-
              кыйа ичиккэ түстэ. Уол эрэйдээх балай эмэ тыас иһиллээн сып-
              пахтыы түстэ. Хараҕын аһан тула көрбөхтөөтө да, адьырҕа кыыла
              көстүбэт. Иэһин ситиһэн тэскилээбит курдуга. Сис тыа сииктээх
              буора тыыннаах киһини өр сытыарыа дуо. Саата ол курдук тосту
              таһыллан сытарыгар санаатыгар ботуруон угунна. Эһэккэтин диэ-
              ки көрдөҕүнэ, хаан-билик сирэйдээх оҕонньор хамсаабакка сы-
              тара. Чугаһыан да куттанан тэпсэҥнии турдаҕына, эһэккэтэ хата
              хамнаан кэллэ. «Тоойуом, бааргын дуо? Кэл, абыраа. Кыылбыт
              барбыт быһыылаах, куттаныма, тыыннаахпын», — диэн ыһыы-
              тыы сытта. Оҕо эрэйдээх сирэй-харах көстүбэт кыа-хаан төбө
              тугу диирин өйдөөбөтөр да чугаһаата. Оҕонньор бары кыаҕын
              мунньунан олордо. Бу иэдээннээх быһыыга бэйэтэ сыыһатыттан
              түбэспитин ким кэлэн өрүһүйүөй. Хатан хаалбыт хааҥҥа түспүт
              бырдахтар кулгааҕар энэлгэннээх илбис ырыатын тардыбытта-
              ра ырааппыт. Бу да гыннар бары эрэлэ оҕотугар. Эһэ куйахатын
              тоҕо тардыбытын сэрэйдэ. Хайыы-үйэ хатан эрэр куйаха төттөрү
              имэрийтэрэр кыаҕа суох эбит. «Тоойуом, Васекаа, былааппын
              ылан ииктээн илитэн, куйахабын саба тутан көр. Баҕар, илийэн
              172
   169   170   171   172   173   174   175   176   177   178   179