Page 57 - Былыр этэ диэххэ
P. 57
Хабаараптыыр Баһылай
Х аамыы бытаан айаннаах,
Хаппыт ньуоҕу табалаах,
Хаҥыл тыһы сэтиилээх,
Хайдыбыт хайыһардаах,
Хаахынаабыт сыарҕалаах,
Хаалбат эргэ хапкааннаах,
Халтаҥ таҥас хаххалаах,
Хара килиэп харгыаттаах,
Хаһаас сордоҥ өйүөлээх
Хабаараптыыр Баһылай—
Хатыҥ дьахтарыттан,
Хаарыан итии дьиэтиттэн
Хатыҥ ылах сыарҕанан
Хара таала аннынан
Хараҥалаах киэһэнэн
Харбанаахтаан барбыта.
Хаамар түөрт атахтааҕы
Хамыйаахтаан ылаары
Хаалбат тимир хапкаанын
Хаары тэбэн хайыҥнаан
Хааллараахтаан кээспитэ
Харанньык тахсыар диэри
Хамнаабакка сытаннар
Хара дьэбин хаппыттар.
Хайгыыр таптыыр сиригэр,
Хачыр күөл эбэтигэр
Хачыгырайан тиийэн
Хахтаах куйах балыгы
Хаһааныахтыам дии санаан
Харса суоҕун ылынан
Хааман көрөн мээрэйдээн,
Халыҥ тимир анньыынан
Хас да ойбону кэһээн,
Хаарыаннаах көлөһүнэ
Хардарыта бараахтаан
55

