Page 58 - Былыр этэ диэххэ
P. 58

Хара тыаттан илимнээн,
                                 Хаахынай да ылбакка
                                 Хара күөхтэй илимин
                                 Харбатыгар хааланан,
                                 Хара аһа баранан,
                                 Харгыйан өлүмээри
                                 Хайыай, дьиэтин булунна.

                 Аны итинник сырыы тосхойбот. Сүрэҕин баҕатынан
              маҕаһыыҥҥа килиэпкэ баран кэллэҕинэ да сөп. Быһалыы ыл
              диэтэхтэринэ: «Бээ, бээ туох эмэ солуну истэн барбыт киһи», —
              диэн бэргэһэтин кулгааҕын сэгэччи анньынан турар буолар. Саас
              да ыраатта. Ырыаһыппыт да өлбүтэ ыраатта. Таба да эстибитэ.
              Оннооҕор дьабыным диир күөлэ уута биирдэ түһэн хаалта.





































              56
   53   54   55   56   57   58   59   60   61   62   63