Page 61 - Былыр этэ диэххэ
P. 61
тимэҕиҥ өһүлүннэ, байбытыҥ көстүбэт, миигиннээҕэр аҕыйаҕы
туттарбыкка дылыгын, өлөрбүн түүйдүҥ дуу? Кэтэһэ түспэхтиир
инигин», — диэн ымас гыммыта. Ылбаппын, мэҥиэһин эҥин
диэ дии санаабыта, сөбүлэннэ курдук. Си-дьүгээр хаалбаттыы:
сигэнэ оонньуур силиргэхтээх маһыҥ, аалына оонньуур арыҥах
маһыҥ мин буолан үөннээн сиэбиккин тохтотуох да эбиккин
диэн хаалта. Сиэллээх Сэмэнтэн ылбыт ырбата тас көстүүтүнэн
модороон, толоос курдугун иһин миэхэ түбэспиттэртэн ити ырба
сыалын бэркэ булар этэ. Сиэллээх ырбатын көрбүт сир киһитэ
ама миигин соруйан инитигэр айа тардыбыт дииллэр үһүө. Дьэ
көрүөхпүт. Бэркэ айа кылын тарбаан эрэҕин...
Болдьох туолуута Тиргэлээҕэр кэллэ. Айа тэбиитигэр холоон,
биир тиити булан өр олордо. Онтон аньыыны-хараны туора ил-
гэн, сүр эрчимнээхтик тура биэрдэ. Айа кылын тардыахтаах туһу-
гар суолга нээлбилэрин арааран, тэйиэс сиэтэн илдьэн таба тахса
сылдьыбыт ороҕор туоратан өртөөн кэбистэ. Сыарҕатыгар таба
сукуйун устан туруору олордубута, ыйдаҥаҕа киһи олорорун кур-
дук хараара барыйан көстөр. Тарыыр маһыгар айаҥҥа кэтэр хо-
луоһатын иилэн баран таба кэриҥэр оросчуоттаан кылын тарта.
Айатын наартаҕа олорор арбаҕаһын хаҥас бүүрүгэр сыаллаата.
Инитэ наартаҕа хайдах туттан олорорунан, төһө түргэннээхтик
кэлиэҕинэн биир харыс эбэн хара быарга холоото. Күөл кии-
риитигэр диэн эрдэттэн бытааран кэлиэхтээх... Оччотугар сыа-
лы буллартарар буолуон сөп. Айатын тардан, санаатын ситэн,
балааккатыгар барда. Кэлэн чэй иһэн көрдө да, чэй да барбат
гына күөмэйэ хомуоҕурбут. Ыйдаҥа мөлтүүтэ төрүөтүгэр барда.
Табалара сыт ылбыттарыгар ытырыктата саныы-саныы кэлбитэ,
инитин табалара суолтан туораан сыталлар. Баһылай бүк түһэн
олорор. Саҥатыттан матан, ырбаны туппутунан хайыы-үйэ сойон
эрэр. Бырааппыт буолуохсут «бултуйбутуттан» үөрбэтэ. Оҕо сыл-
дьан истиҥник санаһалларын санаан дөссө кыйаханна, хараҕын
уута тахсыбытын билбэккэ да хаалла. Дууһата тахсан истибэт буо-
лан эрэр киһиэхэ туһаайан: «Булчут бэрдэ этиҥ, бииҥ төһө бэр-
гэн булчут тахсыбытын бэйэҕинэн билэн олороҕун быһыылаах,
булду барытын саба апчарыйаары өрүскэлэспитиҥ да эн кэнни-
гиттэн хааларга тиийдэҕэ. Саһылгын хоруопкар уган ыытыам, бу
баар», — тоҥ саһылы сыарҕа кэннигэр уурда.
Чууму сыҥаһалыы хайыҥнаан охтубат гына инитин кэлги-
59

