Page 7 - Бастыннартан бастакы
P. 7

Бороҕоҥҥо олохтоох Улуу Хоро удьуордара: Хоро, Хал-
         дьаайы Бырдьа, Куула Бырдьа, Торбос диэн аҕа уустаахтар.
         Кинилэр бука бары түгэх өбүгэлэрэ Улуу Хоро саҕатган Сыҥаах
         бороҕоттору, Майаҕатта Бэрт Хараны кытта бииргэ бултаан-
         алтаан сир-уот үллэстэн, сылгы-сүөһү ииттэн, оҕо-уруу төрөтөн,
         Тойон Мүрүнү тула олохторун-дьаһахтарын олохтоохтук
         оҥостон, эйэ-дэмнээхтик олох олорбуттара, олороллор уонна
         кэлэр да кэмнэргэ кэхтибэккэ баар буола туруохтара.
             Биир дойдулаахпыт, историк-учуонай В.В. Ушницкай Бо-
         роҕоттор — Сутул, Суор, Хоролор: Хоро, Бырдьа, Торбос аҕа
         уустара курыканнартан (хоролортон) сыдьааннаахтар, түгэх
         үйэлэргэ Ытык байҕал - Байкал Күөл туда бииргэ олорбут,
         аймахтыы-уруулуу, биир уустар «баргуттар» сыдьааннара, —
         диэн быһаччы этэр. Киһи эбэрэ суох курдук, арай улахан учуо-
         найдар: «Хайа да кэмҥэ былыр да, быйыл да, сир уларыйар
         аҕа уустара биһиктэрин ыйаабыт төрөөбүт төрүт дойдуларын
         санатар, онно ала-чуо майгылыыр сири-уоту булан олохсуйа
         сатыыллара», — диэн кыраҕы бэлиэтээһиннэрин санатан ааһар
         тоҕоостоох курдук. Туундараҕа тиийэ сири-сибиири биир гына
         ыһыллыбыт аҕыйах ахсааннаах «алаас сахалара» — эмиэ ити өй-санаа уостубат туоһулара.



                                                         5
   2   3   4   5   6   7   8   9   10   11   12