Page 23 - С.С. Аржаков Уус-Алдан үлэһит дьоно
P. 23
та пионерскай сбордары ыытыһара, онно бэйэтин хорсун сы-
рыыларыттан кэпсиирэ. Кыһыл Армия күнүгэр куруутун да-
кылаат оҥороро. Онно: “Эһиги В.И. Ленин үһүс сүһүөх ыччат-
тара буолаҕыт. Онон Ленин “Үөрэниэххэ, үөрэниэххэ уонна
өссө үөрэниэххэ” диэн кэриэһин толорон наһаа үчүгэйдик
үөрэниэхтээхтик” - диирэ.
Уруоктар быыстарыгар көрүдүөргэ Гавриил Васильевиһы
оҕолор төгүрүйэн туралларын үгүстүк көрөрбүт. Кыһыл хаал-
тыстаах оҕо киниэхэ хайаан да чиэс биэриэхтээҕэ. Кини эмиэ
чиэс биэрэн эппиэттиирэ уонна ол оҕону тохтотон, үөрэҕэр
ситиһиилэрин ыйытара. Онно “туйгун” сыананы ылбыт оҕону
көтөҕөн ылан хатыылаах баҕайы иэдэһинэн таҕайара уонна
сыллаан ылара.
Гавриил Васильевич оскуола оҕолорун, бары үлэһиттэрин
харыстанньаҥ буоларга үөрэтэрэ. Ол курдук кылаастарынан
кэрийэ сылдьан, паарталар, дуоскалар, учебниктар, тэтэрээт-
тэр туруктарын, ыраастарын бэрэбиэркэлиирэ, паартаны кир-
типпит, кирдээхтик үлэлээбит оҕолору сэмэлиирэ.
Оччолорго оскуола отгук маһын саас аайы оскуола оҕолоро,
учууталлар өрөбүл күннэргэ эрбиирбит. Ол үлэни Гавриил Ва-
сильевич тэрийэрэ. Кини кэрийэ сылдьан, хайдах эрбии ту-
тааҕын тутарга, эрбиини тардаргар тиийэ үөрэтэрэ. Афанасий
Заболоцкай диэн улахан уус оҕонньору батыһыннара сылдьан,
сыппаабыт эрбиилэри сытыылатара. Сытыы эрбиилээх буол-
лаххына, үлэ күөстүү оргуйара. Дьэ, кырдьык да оҕо туһалаах
үлэтин таба тэрийии диэн ол этэ.
Киэһээҥҥи өртүгэр кини куруутун иллэҥэ суох буолара.
Колхозтарга, нэһилиэктэргэ тахсара. Быһыыта, сэрии инни-
нээҕи балаһыанньа ыараханын дьоҥҥо быһаарара, үлэ-хамнас
туһунан кэпсэтэрэ. “Всеобуч” диэн тылы үгүстүк этэрин ис-
тэрбит. Ити бүтгүүн сэттэ кылаас үөрэхтээһин да, сэрии инни-
нээҕи улахан дьоҥҥо саҕаламмыт байыаннай “всеобуч” да
буолуон сөп.
Гавриил Васильевич хараҕа мөлтөҕүнэн, үөрэҕэ да кыраты-
нан соччо-бачча аахпат быһыылааҕа, сүнньүнэн истэринэн
сирдэтэн сылдьара. Ол иһин ону-маны билиэн-көрүөн баҕата
сүрдээҕэ. Биир эмэ киэһэ быыс булла да миигин, үһүс кылаас
үөрэнээччитин, хаһыат, ону ааһан ол кэмҥэ бэчээттэнэн тах-
сыбыт Дмитрий Говоров “Бүдүрүйбэт мүлдьү бөҕө” диэн
олоҥхотун дорҕоонноохтук аахтаран истэрэ.
Гавриил Васильевич куруутун кэриэтэ сиэрэй синиэллээх,
сүүһүгэр уот кыһыл сулустаах буденовка бэргэһэлээх буолара.
Омос көрдөххө, иһиттэххэ көбдьөөрбүт, киһи толлор курдук
оҕонньоро этэ буолан баран, дьоҥҥо, ордук оҕо аймахха наһаа
амарах сыһыаннаах киһи этэ, наар үчүгэйгэ угуйара.
21

