Page 25 - С.С. Аржаков Уус-Алдан үлэһит дьоно
P. 25
Үлэ маҥнайгы Геройа
Данил Бурцев
Социалистическай Үлэ Геройун аата Советскай Союзка
1938 сыллаахха ахсынньы 27 күнүгэр олохтоммута. Онуоха
диэри Геройга тэҥнээх бастыҥ үлэһитгэргэ ССРС народнай
комиссардарын сэбиэтин 1927 сыллаах от ыйын 27 күнүнээҕи
холбоһуктаах уураахтарыгар олоҕуран, Бүтүн Россиятааҕы
Киин ситэриилээх комитет (БРКСК) Үлэ Геройа диэн грамо-
таны биэрэ сылдьыбыта.
Оннук Грамотаны Саха сириттэн 3 киһи 1935 сыллаахха ыл-
быта биллэр. Бүлүү оройуонутган учуутал П.Х. Староватов.
Кини өссө дьиҥнээх геолог, учуонай эбит. Саха сиригэр ал-
маас баарын аан бастаан билбит, наука эйгэтигэр аан бастаан ти-
эрпит кини эбит. Иккис киһинэн Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун
Дьабыыл нэһилиэгин Сэбиэтин председателэ Антон Ильич
Борисов ылбыт. Мин кинини хас да сыл Дьабыылга оскуола
директорынан үлэлиир кэммэр билсибитим. Улахан саҥалаах,
элбэх кэпсээннээх кутуу курдук доруобай, бөдөҥ-садаҥ киһи
этэ. 90 сааһыттан тахсан баран аҕыйах сыллааҕыта өлбүтэ.
Үһүс киһинэн, баҕар, бастакы киһинэн буолуо, Уус-Алдан
оройуонун Хоро нэһилиэгин Сэбиэтин председателэ Данил
Гаврильевич Бурцев буолбута.
Данил Гаврильевич 1963 сыллаахха, мин Уус-Алдаҥҥа үлэ-
лии тиийэрбэр, 64 сааһыгар барбыт пенсионер этэ. Онон үлэ-
нэн биһиги оччо-бачча аалсыбатахпыт. Ол да буоллар мин ки-
23

