Page 49 - С.С. Аржаков Уус-Алдан үлэһит дьоно
P. 49
сэрбит. Партия райкомун туруорсуутунан Саха АССР культу-
ратын үтүөлээх үлэһитэ буолбута. Ааспытын кэннэ аҕыннахха,
биһиги Ленин орденыгар туруорсубуппутун ити бочуоттаах
аатынан ССКП обкома солбуйбута. Эмиэ да үчүгэй. Үс төгүл
үтүөлээх аатгаах үлэһит Саха сирин да үрдүнэн оччотооҕуга
суоҕун кэриэтэ этэ, билигин да аҕыйах буолуохтаах.
Музейга элбэх үлэ барбытын уонна инники кэскилин учу-
отгаан туруорсаммыт государственнай оҥорбуппут. Онон го-
сударственнай бюджет көрүүтүгэр киирбитэ. Сорох кэмҥэ
быстах санаалаах дьоннор өртүлэриттэн Танда музейын
оройуон киинин музейын кытга холбуохха эҥин диэн этиилэр
кииртэлииллэрин истэн, Иван Павлович сүрдээҕин хоргутара,
хомойоро. Ону биһиги, үлэлиир кэммитигэр, оҥорботохпут.
Иван Павлович бэйэтэ эдэр эрдэҕиттэн аһаах да буолан бу-
олуо уонна тымныы музейга күннэри-түүннэри кэриэтэ үлэлэ-
эн, доруобуйата мөлтөтөлөөн ылара. Ол аайы биһиги туһаан-
наах тэрилтэлэргэ сорудах биэрэн эмтэтэрбит, көмөлөһөрбүт.
Отгон курортка, санаторийга сынньана барартан бэйэтэ куру-
утун кэриэтэ аккаастанара.
Иван Павлович сынньанары билбэккэ сындалҕаннаах үлэт-
тэн кылгас үйэлэммитэ. Кини
1982 сыллаахха 67 сааһыгар өлбүтэ. Кинини кытта бырас-
тыылаһа Илья Ильич Кривошапкин биһиги Тандаҕа тахса
сылдьыбыппыт. Кини көмүс уҥуоҕа таптыыр Тандатын
үрэҕэр, Муҥур хатыҥар тутуллубута. Билигин Танда музейа
И.П. Готовцев аатынан ааттанар.
47

