Page 78 - С.С. Аржаков Уус-Алдан үлэһит дьоно
P. 78

Союз депутата, летчик
                        И .И .  Кривошапкин
























          Илья Ильич 1936 сыллаахха Танда соҕуруу томторугар, буор
       сыбахтаах  саха  балаҕаныгар,  элбэх  оҕолоох  дьадьаҥы  ыалга
       тиһэх  оһоҕос  түгэҕинээҕи  оҕо  буолан  төрөөбүтэ.  Кини
       төрүүрүгэр  улахан  убайа  Иннокентий  учуутал,  онтон  Онуф-
       рий,  Николай,  Петр,  иккис  Иннокентий,  Ефросиния  бары
       үөрэнэ сылдьаллара. Арай кыра эдьиийэ Пелагея үөрэнэ или-
       гэ.
          Илья ыал кыра оҕото буолан, аҕа-ийэ эрэ буолбакка, убай-
       дар,  эдьиийдэр  бары  көрүүлэринэн-истиилэринэн,  такайыы-
       ларынан,  харысхалларынан  улааппыта,  үөрэммитэ.  Танда  7
       кылаастаах  оскуолатын  кэнниттэн  Мүрү  орто  оскуолатын
       үөрэнэн  бүтэрбитэ.  Онтон  Курганскай  уобалас  Щадринск
       диэн куоратыгар летчиктар училищеларыгар үөрэххэ барбыта.
          1941-45 сыллаах Аҕа дойду улуу сэриитин батгаһа оскуолаҕа
       үөрэммит  уолаттар  бары  да  кэриэтэ  летчик  буолуохтарын
       баҕалара сүрдээх этэ. Аҥардас Алексей Маресьев уобараһа үгүс
       оҕону долгутара. Илья кыра сылдьан, баҕар балаҕанын үрдүгэр
       тахсан туран, ыраас халлааҥҥа көтүөн баҕарара эбитэ буолуо...
       Ол гынан баран киһи эрэ барыта,  баҕарда да, летчик буолбат.
       Онно баҕа санааны кытга доруобуйа, ону ааһан эт-хаан, өй-са-
       наа өртүнэн сайдыы, биир тылынан эттэххэ кыах уонна дьоҕур
       наада. Ильяҕа оннук кыах уонна дьоҕур толору баара. Ол кур-
       дук кыра эрдэҕиттэн орто уҥуохтаах, сөбүгэр этгээх-сииннээх,
       эт-хаан сайдыыта, дьоҕура эмиэ.
                                   76
   73   74   75   76   77   78   79   80   81   82   83