Page 73 - С.С. Аржаков Уус-Алдан үлэһит дьоно
P. 73

Биһиги оройуон киинитгэн сылдьар дьон, сүнньүнэн үс күн
       куобахтаһарбыт. Үөрүү-көтүү, көр-нар бөҕө буолара. Ол гынан
       баран  Мэхээлэ  этэрээтигэр  кытаанах  бэрээдэк  этэ.  Ким
      даҕаны  булка  урут-хойут  барыа,  сыыһа-халты  сылдьыа  суох-
      таах.  Барыта  бэрээдэк  быһыытынан  ким  хайдах  хаамара,
      хаһыытыыра, ханна тохтуура, тиийэрэ чуолкай этиллэрэ.  Этэ-
      рээккэ  мин  политрук  буоларым.  Ол  иһин  сарсыарда  аһылык
      кэнниттэн  булка барыах иннинэ этэрээти  барытын туруоран,
      бултааһыҥҥа  сэрэхтээх  буолууну  үөрэтэрбит,  сэрэтэрбит.
      Аһылык бэрээдэгэ эмиэ кытаанахтык тутуһуллара.  Этэрээккэ
      кэлбит киһи өйүөтүн бүтүннүү, аһыы аһылыгын бастакы уоча-
      рат  компания  президенэ  Василий  Прокопьевичка  туттарара.
      Онтон президент бэйэтэ  көрөн хас  киһи хас хонукка сылдьа-
      рын учуоттаан киэһэ аайы наркомовскай  100 кыраамы биэрэ-
      рэ. Үчүгэйдик бултаабыт, рекорду олохтообут дьоҥҥо 3 бириэ-
      мийэ  баар  буолара.  Аһаан  бүтэн  утуйаары  олорон,  сорохтор
      сытан  эрэ  кэпсэтэрбит,  үксүгэр  араас темаларга  мин  бэсиэдэ
      оҥорорум.  Этэрээт иһигэр итинник тэрээһин,  бэрээдэк баар
      буолан  элбэх  сылларга  бииргэ  бултаабыппыт  тухары  эчэйии
      эҥин, итирии биир да түбэлтэлэрэ таһаарыллыбатаҕа. Ол иһин
      улаханнык бултуйарбыт,  бултан,  сынньалаҥтан  дуоһуйарбыт.
      Билиҥҥэ диэри,  кырдьан да олорон,  ол  сыллары  наһаа ахта-
      быт,  саныыбыт. Тиһэх бултааһыммыт  1989 сыллаахха буолбу-
      та.  Көрсө  түстэрбит  эрэ:  Оо,  аны  саатар  биирдэ  Чанхаҥҥа
      түмсэн, куобахтаабыт киһи баар ини, - дэһэбит.
         Мэхээлэ сааһын куска дьиэтиттэн, Тандаттан чугас улахан
      үрэх сүнньүгэр Хаҥкаҕа табаарыһа Баһылай Борокуоппайабыс
      Хотуоһап оҕонньордуун бултууллара.  Биһиги суол-иис мөлтөх
      буолан  уонна  үлэ-хамнас  үтүрүйэн  биирдэ-иккитэ  эрэ  тахса
      сылдьыбыппыт. Хаҥка киэҥ-куоҥ дойду, уу-хаар бөҕө буола-
      ра.  Ол үрдүнэн  биир  саас  куска  мэлийэн  олороллоро  буолан
      баран, санааларын түһэрбэт оптимист дьон бааллара. Мээнэҕэ
      этиэ дуо Василий Прокопьевич: Аан дойдуга аҕыйах кус орду-
      бут буоллаҕына, бу Танда үрэҕэр хайаан да биллэн ааһыахтаах,
      - диэн.
         Мэхээлэни мин кыра эрдэхпиттэн билэбин. Бээрийэҕэ ик-
      кис кылааска үөрэнэрбэр биһиги Лөчүөк дьиэтигэр  олорбуп-
      пут.  Аҕам  оскуолаҕа  оһох  оттооччунан  үлэлиирэ.  Онно
      биһиэхэ  олорон  Мэхээлэ  орто  быраата  Кеша  уонна  балта
      Ааныс  Бээрийэ  оскуолатыгар  үөрэммитгэрэ.  Кинилэр  олох-
      торо Холлоҕостоох үрэҕэр этэ.
         Мэхээлэ бэйэтэ Бээрийэ 4 кылаастаах оскуолатын бүтэрээт
      колхозка маҥнай хара үлэһит, онтон хонуу биригэдьиирэ буол-
      бута. 1942 сыллаахха муус устар ый саҥатыгар райземотдел Мэ-
      хээлэни Дьокуускай куоракка 2 ыйдаах колхоз председателлэ-
                                  71
   68   69   70   71   72   73   74   75   76   77   78