Page 88 - С.С. Аржаков Уус-Алдан үлэһит дьоно
P. 88
Ньукулай бинокулунан керө-көрө кэпсиир:
- Биир орто уҥуохтаах, лэс курдук киһи, икки өртүн
көрүнэ-көрүнэ силир-силир хааман иһэр. Биһиги ким буола-
рын сэрэйдибит.
- Ээ, иккис, уп-уһун, сип-синньигэс киһи, салыбыр-салы-
быр хамнанан эмиэ иһэр - диэтэ. Бу киһини биһиги тута бил-
либит.
- Үһүс киһи көһүннэ. Кыра уҥуохтаах буолан баран бэрт
түргэнник хааман хапталдьыйар. Биһиги эмиэ ким буоларын
сэрэйдибит.
- Төрдүс киһи дьэ көһүннэ. Суп-суон киһи эһэ курдук,
үнүөх-үнүөх эрэ гынар. Иһэр былааннаах - диэтэ. Ол да
киһини тута биллибит. Аҕыйах сыллааҕыта өлөөхтөөбүтэ. Чуол-
кай үлэһит киһи этэ - барахсан.
Николай Маркович билигин даҕаны үлэлии-хамсыы
сылдьар. Улахан ыал аҕата, эһэтэ. Ону ордук сайын дачатыгар
көрөбүн. Даачата Бүлүү суолунан 16-с километрга күөл үрдүгэр
турар. Онно сайын аайы 7 сиэнэ, 6 оҕото (күтүөттүүн, кийиит-
тиин) мунньусталлар. Онно эбии отонньуттар, тэллэйдьитгэр
тэпсэн кэбиһэллэр. Ньукулай онно эрэ кыһаммат, олбуорун
иһигэр атах сыгынньаҕын, маайката суох, төттөрү-таары хаа-
ман бэскэйдэнэр. Санаатыгар, урукку баҕатын толорор
быһыылаах. Урут, кыһын ахсыннньы тымныытыгар Суотту
суолунан ааһан иһэн этэрэ: Мин хойут Суопуга киирэн олох-
суйуом. Онно сайынын бу үөтгэр анныларыгар эбэ биэрэгэр
киирэн, атахпын ууга уган олорон, тымныы пиибэ иһэ-иһэ
күөгүлүөм этэ...
86

