Page 23 - Бэстэрикиэптэр. Олох салҕанар
P. 23

Бэстэрикиэптэр.  Олох  салҕанар

                          Өрүү  истиҥник  саныыбын

                                                Сэрии, сут саҕана биһиги оскуолаҕа
                                            үөрэнэр,  улаатар  кэммит этэ.  Олус  кы-
                                            һалҕалаахтык олорбуппут. Аҕам армияҕа
                                            ыҥырыллан  Киренскэй куоракка үлэҕэ
                                            сылдьыбыта.  Үлэлэрэ  олус  ыарахан,
                                            ас-таҥас  суох  буолан  аччыктаан  сал-
                                            лаат  бөҕө  өлбүтэ  диэн  кэпсиир  этэ.
                                            Ийэм колхуоска ыанньыксыттыыра. Бо-
                                            родуукта,  хамнас  диэн  суоҕа.  Сайын,
          эр дьону солбуйан, окко үлэлиирэ.
              Мин  таайдарым,  эбэм  аймахтара  Чурапчы  оройуонун  Бахсытыгар,
          “Холболоох” колхуоска олорбуттара. Эбэм бииргэ төрөөбүттэрэ Бүөтүр,
          Данил, Миитэрэй Пестряковтар этилэр.
              Кэссиэ диэн сиргэ өтөхтөөхтөрө. Таайым  Петр Петрович  Пестряков
          эдэр эрдэҕинэ сытыы-хотуу, үөрэххэ баҕалаах киһи буолан хайа да убай-
          дарыттан чорбойоро. Бырааттара, убайдара, сорохторо, уоттаах сэриигэ
          баран  охтубуттара,  сорохторо дойдуларыгар колхуоска үлэлээбиттэрэ.
          Мин ордук өйдүүр дьонум  Баһылай, Андрей,  Мэхээлэ,  Никифор этилэр.
          Баһылайдаах Андрей  биһиэхэ  куруук сылдьаллара.  Петр Петрович  куо­
          ракка үөрэнэ сылдьан биһиэхэ Дьүөлүгэ (Дьампыга) олордохпутуна сыл-
          дьан, аһаан барара.
              Мин  Орто Эбэҕэ сэрии  кэминээҕи  кэмҥэ үөрэммитим.  Ас-үөл  кэм-
          читэ,  интернакка төгүрүк тулаайах оҕолору эрэ ылаллара.  Миигин  ийэ-
          лээххин диэн интернакка ылбатахтара. Ол кэмҥэ Петр Петрович,  1944-
          45 сс. Кэбээйигэ үлэлээн баран, кэргэнинээн Мария Петровналыын уонна
          бастакы  оҕолорун  Петяны,  биирин туола  илик уолу,  илдьэ  Орто-Эбэҕэ
          учууталлыы кэлбиттэрэ.  Ити  1945 сыл күһүнэ этэ.
              Ийэм миигин өйүөлээн үөрэттэрэр кыаҕа суоҕа. Онон төннөр кыахха
          киирэ сырыттахпына,  Петр  Петрович  көһөн  кэлбитин  билэн,  ийэм  онно
          баран  ыйыталаһан  көрүүм диэн  миигин  ыалга хаалларан  баран  бэйэтэ
          Петрдаахха  барбыта.  Мин  учууталлар  үһү диэн  куттана  иһиттим  уонна
          барсыбатаҕым.

                                                                                  19
   18   19   20   21   22   23   24   25   26   27   28