Page 19 - Бэстэрикиэптэр. Олох салҕанар
P. 19

Бэстэрикиэптэр.  Олох  салҕанар

         даттыы охсор, киһитэ-сүөһүтэ суох кумахха улаханнык ыалдьан тиийбитэ.
         Хоту сиргэ хаардаах кумахха түһэрин кытта, ыарыыта дьөксө сэтэрийби-
         тинэн барбыта. Төрөөбүт-үөскээбит Кэссиэ аҕатын ууһун сириттэн ытаан-
         соҥоон арахсыбыт, тыыннаах сылдьан бэйэтэ-бэйэтигэр кириэс охсум-
         мут Тайыла Эдьигээҥҥэ аал уот оттор, уһун буруо унаардар кыаҕа ыыра
         мэлийэн,  адьас  туһата  суох  күн-дьыл  аахсар,  утүөрбэт  ыарыһах  буола
         охсубута.
             Тиһэҕэр,  Эдьигээн  киин  бөһүөлэгиттэн  2  кос  кэриҥэ  турар  Уолба
         диэн  сиргэ  КЭССИЭ ТАЙЫЛА диэн  ытыктанар,  үлэһит  кырдьаҕас  үрүҥ
         тыына быстыбыта.
             Чуолкайдаан  эттэххэ,  1943  сыл  тохсунньу  24  кунугэр  Данил  Ни­
         колаевич ПЕСТРЯКОВ оҕонньор суох буолта...
             Ол амырыын сыллартан Кэссиэ сайылык эстибитэ-эстибитинэн, дьи-
         этэ-уота тулумнанан.көһөрүллэн бараммыта быданнаата. Ол эрээри ончу
         кубус-кураанах сир кута-сурэ дөксө да тыыннаах эбит.
             Онтон-мантан туоһулаһаннар, сурах, үһүйэх хоту мустаннар, букатын
         атын көлүөнэ ыччаттара, Кэссиэ удьуордара -  көһүүттэн тулаайах, тыын­
         наах эргиллибит Мэхээлэ көмөтүнэн биир суруктаах-бичиктээх мае ос-
         тоолбо сэргэни күрүөлээн, оҥорон туруордулар.
             Ол билигии  "БЫЛЫРГЫ КЭССИЭ АҔАТЫН УУҺУН",  кини ааспыт ыар
         кэмнэрин тулаайахсыйбыт туоһута буолан костер.
             Онуоха  Кэссиэ  кириэһэ,  Тайыла  оҕонньор харыһыктаах харах уутун
         тоҕон, төрөөбут-уоскээбит торут буоруттан ый ытыытын ытаан арахсыбы-
         та, Ийэ буорга эппит кутурҕаннаах тыллара холбоспуттара.
             Торут буор курдаттыы тардар күүһүн туох да кыайбат эбит.


                                                           Н и к о л а й  П Е С Т Р Я К О В ,
                                                            к р а е в е д ,  ж урнал ист ,
                                                              У у с -А л д а н   у л у у һ а .
                                  " К э с к и л " хаһы ат ,  1 9 9 4   сы л  б э с   ы йы н  2 4   к у н э .







                                                                                 15
   14   15   16   17   18   19   20   21   22   23   24